Хаҥалас улууһун Улахан Ааныгар уу ситимэ үлэҕэ киирдэ
Оҕуруот аһын үүнүүтүн мэктиэтэ - үүнээйини сөптөөхтүк көрүү-истии уонна саамай сүрүнэ уутун таба кутуу. Улахан Аан бөһүөлэгин олохтооҕо Татьяна Лукина сиэнинээн күннэтэ оҕуруот үлэтин үгэнигэр сылдьаллар. Манна оҕуруот аһын арааһын үүннэрэн ыаллар күннээҕи остуолларыгар бэйэ аһын сииллэр.
Татьяна Лукина, 2-с Малдьаҕар нэһилиэгин олохтооҕо: «Быйыл уу ситимэ киирэр диэммин өссө биир теплицэ туттардым пиэрэстэргэ уонна помидордарга. Ону таһынан 100-тэн тахса хаппыысталаахпын, оччо помидор уонна сүбүөкүлэ ыстым, кабачок, тыква, моркуоп».
Кырдьык да быйыл нэһилиэккэ өр күүтүүлээх, кэтэһиилээх сайыҥҥы водопровод киирэн оҕуруоттаах, хаһаайыстыбалаах дьон абыраннылар. 20-тэн тахса сылы быһа күүппүт ууларын ситимэ дьэ оҥоһуллан, Өлүөнэ өрүс уута хас биирдии дьиэҕэ тиийдэ.
Александр Алексеев, Хаҥалас улууһун 2-с Малдьаҕар нэһилиэгин баһылыга: «Бырайыак баттаһан 2021 сыллаахха маннааҕы бүддьүөт уонна ППМИ бырагырааматынан матырыйаал атыыласпыппыт. Иккис сылыгар магистралын таттарбыппыт уонна бу быйыл үлэҕэ киллэрдибит».
Ууну оботторор носуостара өлүөнэ өрүскэ киирэн турар. Үрдүк кыамталаах мотуор көмөтүнэн тыһыынчаттан тахса нэһилиэнньэлээх бөһүөлэги өрүс уутунан хааччыйар.
Олохтоохтор оҕуруоттарын көрөллөрүгэр, сайыҥҥы кэмҥэ бэйэ аһынан хааччыналларыгар, ону ааһан хаһааналларыгар анаммыт кэскиллээх дьыала инниктин харгыһа суох үлэлииригэр күүстээх үлэ ыытыллыаҕа. Хас да уонунан сыл күүтүллүбүт водопровод кэлиэҕиттэн нэһилиэнньэ тута барыыһыран саҕалаабыт.
Татьяна Лукина, 2-с Малдьаҕар нэһилиэгин олохтооҕо: «Биһиги сайыны быһа, 3-4 ыйы быһа 2,5 эрэ тыһ. төлүүбүт. Эрдэ бодобуоска маннык кураан сылларга элбэх харчы барар этэ».
Уопсайа 14 мөлүйүөн солкуобай сууммалаах бырайыак олоххо киирэн, нэһилиэнньэ үөрүүтэ үгүс. Сүҥкэн улахан үлэ ыытыллан анал водопроводунан нэһилиэнньэ бары араҥата туһанар.
Александр Алексеев, Хаҥалас улууһун 2-с Малдьаҕар нэһилиэгин баһылыга: «Биһи нэһилиэккэ уопсайа 1300 киһи олорор. Уу ситимэ киирэн дьоннорго сүрдээх табыгастаах».
Улахан Аан улуус биир бөдөҥ уонна тыа хаһаайыстыбатын салаатын өрө тутан олорор нэһилиэк. Онон бу ыытыллыбыт үлэ тыа сирин инники сайдыыытыгар улахан көдьүүстээх буолуохтаах. Аны мантан ыла бодобуос ыҥырыыта, үтүмэн элбэх үбү ууга кутуу урукку олоххо хааллаҕа.