Үрүҥ илгэ үрүлүйэр кэмэ
Дьүлэй сайылыкка олох ньиргийэ олорор. Бу алаас Сылаҥ нэһилиэгиттэн 7 км тэйиччи сиргэ сытар. Манна 2006 сыллаахха тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин "Сайылык" бырагырааматынан туттан, көһөн кэлбиттэрэ. Онтон ыла тиһигин быспакка сайын аайы үлэлэтэллэр. Петр Дмитриевич саас бочуоттаах сынньалаҥар баран, 68 сааһыгар диэри кыаҕа төһө тиийэринэн үлэлэтэн кэллэ, оттон билигин туйах хатарар уолугар Дмитрийгэ туттарда. Тыа хаһаайыстыбатыгар ыччат дьон ылсыахтаах, интэриэһин ууруохтаах диэн дьиэ кэргэн аҕа баһылыга кэпсээтэ.
Пётр Трофимов, Дьүлэй сайылык олохтооҕо: «Дьоннор дэлби сүөһүлэрин эһэн уопсайа аҕыйаан турар. Быйыл собуот үлэлээн дьоннор үүттэрин туттаран эрэллэр. Былааны толорор курдук үлэлэһэ сатыыбыт. Өбүгэбит дьыалатын салҕыыбыт».
Быйыл нэһилиэк хоту өттө улаханнык курааннаан Партизан, Үөдэй нэһилиэктэригэр Намҥа барыахтара. Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ уонна Өрөспүүбүлүкэ Ил Дархана курааннаабыт хаһаайыстыбалар оту тиэйэн аҕалалларыгар көмөлөһүөх буолбута диэн бигэ эрэллээхтэрин бэлиэтээтилэр. Быйыл мобильнай биригээдэ 300 туонна оту оттуур былааннаах.
Билигин 30-тан тахса ыанар ынахтаахтар, бэйэлэрин уопуттарыгар 102 ынаҕы ыы сылдьыбыттара. Сыл аайы 120 төбөнү кыстаталлар, кыстыктара Улахан Күөл диэн учаастакка турар, кыһынын 3-4 үлэһиттэнэллэр. Оттон сайынын бэйэ күүһүнэн уонна саамай тутаах үлэһиттэрэ биллэн турар кыра сиэн кыргыттар. Биһиги устар бөлөхпүтүгэр анаан 4 саастаах Матрена сайылык ырыатын бэлэхтээтэ.
Урукку кэмҥэ кус-хаас, индюк иитэ сылдьыбыттар, билигин Трофимовтар хаһаайыстыбларыгар 10-ча сибинньэ уонна 10-тан тахса куурусса баар.
Былырыын ынах ыан уопсайа 53 туоннанан былааннарын толорбуттара. Билигин нэһилиэк бэйэ оҥорон таһаарар кээпэрэтиибэр күннэтэ 3,5 сэнтиниэр үүтү таһан туттараллар. Быйыл собуоттара үлэлэлээн элбэх үүтү оҥорон таһаарыахтарын, аны от үүнүүтэ кырыымчык буолла. Ол да буоллар бу дьиэ кэргэн санаатын түһэрбэккэ, сайылыктарыгар үөрэ-көтө сир, оҕуруот аһыгар умса түһэллэр.
Матрёна Трофимова, Дьүлэй сайылык олохтооҕо: «Сайылыкка олорор наһаа үчүгэй. Салгын, сибиэһэй ас, сир аһа, билигин дьэдьэн кэмэ».
Сайылыкка сибээс суох, онон араадьыйа эрэ иһиллэр. Түптэ буруотун унаарытан, ынахтарын бэрт түргэнник ыан бүтэрэллэр. Хайа баҕарар үлэни көмөлөөтөххө чэпчиир диэн суолу тутуһан, этэҥҥэ от былаанын толорор баҕа санаалаахтар.