Саха сиригэр чааһынай дьиэлэри тутуу үгэнэ
Боростуой буруустан кырыыламмыт ол эбэтэр профилированнай бурууһу маннык оҥорон таһаараллар. Станок холбонуон иннинэ эбэһээт мас кээмэйин устатын-туоратын оҥороллор. Муннуктанан тахсарыгар өрүтэ барыта биир буолар, оччоҕуна дьиэ тутуутугар тус туһунан буруустары уурталаабакка, уурбут-туппут курдук тутууну чэпчэтэр уонна дьиэ тас көрүҥүн ордук тупсаҕай оҥорор. Биригэдьиир Сэмэн Тарабукин буруус ордугуттан тахсыбыт эпиилкэни кытары билигин туохха барытыгар туһаналлар диэн кэпсээтэ.
Семён Тарабукин, биригэдьиир: «Эпиилкэттэн арболитовай билиитэ оҥороллор уонна тутуунан дьарыктанар дьоннор дьиэ үрдүгэр кутаары ылаллар».
Уһук Илин олохтоохторугар көрүллэр чэпчэтиилээх ипотека киирбитэ 5-с сылыгар барда. Ол киириэҕиттэн ыла Саха сиригэр чааһынай дьиэни туттуу сылтан сыл тэтимин ыһыктыбакка элбии турар. Урукку кэмҥэ дьиэ көндөйө бүппүтүн кэннэ, ыйы ыйдаан ханапаакы үлэтэ тардар эбит буоллаҕына, билигин маннык буруустар оҥоһуллан тахсар буоланнар үлэни хас эмэ бүк чэпчэтэллэр.
Быһахтара 2 паастаах уонна 3 паастаах диэҥҥэ арахсар. 2 паастаах диэн тутарга судургу, оттон 3 паастааҕа тыаһы-ууһу намыратар, ол эрээри тутарга уустуктардаах.
Билигин ырыынакка сыана халбаҥныы турар, онон чааһынай дьиэ тутуутугар матырыйаал ыларга суот эмиэ онно сөп түбэһэн уларыйар. Ол иһин үгүс дьон билигин дьиэтин тутуу хампаанньаларыгар эрэнэр. Тоҕо диэтэххэ сөбүлэҥ түһэрсэргэ этиллибит суумматтан эбии харчы ирдэммэт уонна болдьох иһигэр барыта былаанынан туолар. Бу туһунан дьиэ тутуутунан дьарыктанар хампаанньа салайааччыта иһитиннэрдэ.
Игорь Лебедев, тутуу хампаанньатын салайааччыта: «Бу тэрилтэ нөҥүө туттарар үчүгэйэ диэн сметаны толору ааҕаллар уонна тутуу хаамыыта буола турдаҕына смета таһынан барар буолуон сөбө кыра буолар».
Кыһыннары-сайыннары дьиэ тутуута барар буолан үгүс киһи кыра быраһыаннаах ипотекаҕа хапсан дьиэлэннэ. Тыа сиригэр ыччат көһөн тахсан, 6 бырыһыаннаах дьиэ кэргэн ипотекатынан туһанар.