Оттооһун кэмэ саҕаланна
Тыраахтар хотуурун суолунан тэлгэммит нэлэмэн ходуһа охсусуллубут от сытынан дыргыйан, "Тойон Арыы" отчуттарынан туолан, сайыҥҥы олох күөстүү оргуйар. "Бөртө" хаһаайыстыба бастакы хотуур суолун түһэрбитэ нэдиэлэттэн орто. Уонунан тиэхиньикэ киэҥ сирдэри түргэн-түргэнник оттоон быйылгы былааннарын ситиһэр соруктаахтар.
Алексей Макаров, "Бөртө" хаһаайыстыба "Баҕадьа" оттуур биригээдэ звеневода: «10 тыраахтардаахпыт. 5 охсо сылдьар, 2 рулоннуур, 3 хомуйар. Этэҥҥэ баран иһэр».
Улахан Ааннар "Тойон Арыыларыгар" быйылгы от үүнүүтүн куһаҕана суох дэһэллэр. Ол эрэн, былырыыҥҥы курдук өлгөм үүнүү эмиэ суох. Ыам ыйа, бэс ыйа курааҥнаан, сир дойду хатан отторо соччо үүммэтэх. Онтон тыа сиригэр балаһыанньа өссө уустук.
Дьулус Юмшанов, "Бөртө" хаһаайыстыба агронома: «Былырыыҥҥыны кытта тэҥнээтэххэ ардах суоҕунан сибээстээн үүнүүбүт мөлтөх соҕус. Былааммытын ситиһиэхпит диэн эрэнэбит. 5 тыраахтар охсо сылдьар».
Ходуһа устун сүүһүнэн рулоннаммыт от кэккэлэһэ сытар. Охсуллубут от куурда да, тыраахтарынан мустаран, анал пресстыыр тэрилинэн эриттэрэн рулоннаан иһэллэр. Отторо хас киилэлээх буолбутун билээри, аҕыйах рулону ыйаан, орто ыйааһынын билэллэр.
"Бөртө" хаһаайыстыбатын отчуттара үксүклэрэ арыыга оттуур буоланнар, сайын ахсын манна көһөн киирэллэр. Сайын устата тыһыынчаннан туонна оту оттоон сылгылара, ынахтара кыстыыр отун булуналлар.
Хаһаайыстыба быйылгы дьылга уопсайа 3,25 туонна оту былааннаан олорор. Тиэхиникэ, үлэһит илии барыта баар. Онон үчүгэй күн-дьыл туран биэрдэҕинэ былааннаммыт үлэ туолар чинчилээх.
Геннадий Аммосов, "Бөртө" хаһаайыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччы: «5 механизированнай биригээдэ тэрийдибит. 30-ча киһи буолар. Ол быыһыгар дуогабардаахтар киирэллэр, бэйэбит үлэһиттэрбит уонна оскуола оҕолоро. Былырыын 3,5 тыһ. туоннаны толорбуппут былааммытын. Быйыл бэс ыйыгар - саамай наадалаах кэмҥэ ардахпыт түспэтэ. Тойон Арыыбытыгар эрэнэбит. Сүрүн 3 биригээдэ киирэн оттуу сылдьаллар».
Ынах, сылгы этэҥҥэ кыстыыр мэктиэтэ - былааннамыт от туолуута. Кылгас кэмнээх сайын устата, хас биирдии күнү былдьаһан, сайылыгы этэҥҥэ туораан, кыстыкка сөпкө киирии туһугар аны күһүҥҥэ диэри түбүгүрүөхтэрэ.