Дьокуускайга национальнай бырайыактар чэрчилэринэн бөдөҥ эбийиэктэр тутуллаллар
Хатаска киириигэ ГАИ поһуттан Владимировка диэки хайысхаҕа суол кэҥээн саҥардыллыбыта үгүс айаннааччыны үөрдэр. Бу Умнас өрөспүүбүлүкэтээҕи суол баараҕай өрөмүөнэ иккис сылын бара турар. Суол 11км-20км диэри уопсайа 8 километртан тахсалаах суол учаастага саҥардыллан, кэҥээн түөрт балаһалаах буолла. Эбийиэккэ бүгүҥҥү күҥҥэ иккис хос аспаалы тэлгэтэ сылдьаллар.
Анатолий Потапов, СӨ транспорт миниистирин бастакы солбуйааччы: «Билигин 1,650 км курдук усталаах кыырпах, ол аата бүтэһик араҥата оҥоһуллан бу үлэ-хамнас бара турар. Бүгүҥҥү күҥҥэ автобус тохтобула, сырдатыы 50-тан тахса тирэҕэ туруорулунна, ону тэҥэ тротуардар уонна тыастан харыстыыр экраннар тураннар бу эбийиэги алтынньы ыйга туттарарга бэлэммит».
Манна айаны-сырыыны харгыстаабат инниттэн өрөмүөн үлэтэ суолу бүтүүннүү саппакка ыытыллар. Былаан быһыытынан аспаал халыҥа 18 см буолуохтаах. Үлэ графигыттан хаалыы суох, төттөрүтүн эрдэлиир тэтимнээх үлэ бара турар диэн иһитиннэрдилэр. Суол тутуута аны күһүн толору бэлэм буолара күүтүллэр. Саха сиригэр 2019 сылтан "Куттала суох хаачыстыбалаах массыына суоллара" национальнай бырайыак салгыы түһүмэҕэ олоххо киирэр. Ол чэрчитинэн быйыл Саха сирин үрдүнэн 170-тан тахса км суол өрөмүөннэнэ сылдьар.
Оттон “Үөрэҕирии” национальнай бырайыак чэрчитинэн Дьокуускайга хас даҕаны эбийиэк тутуута салҕанар. Ол курдук ДСК оройуонугар бүтүн 990 миэстэҕэ анаммыт оскуола тутуута иккис сылын ыытылла турар. 17 тыһыынча м2 иэннээх үс этээстээх таас оскуола эһиилги үөрэх дьылын көрсө бэлэм буолуохтаах. Билигин манна тас, ис үлэлэр бараллар.
Дмитрий Поисеев, тутар тэрилтэ салайааччытын солбуйааччы: «Күн бүгүн бэлэмэ 62%. Бу нэдиэлэттэн ис үлэни саҕалаатыбыт».
Саҥа оскуола сүрүн уратытынан манна доруобуйаларыгар хааччахтаах оҕолорго анаан сөптөөх усулуобуйаны тэрийиэхтэрэ. Салгыы Үөрэҕирии национальнай бырайык чэрчитинэн өссө биир оскуола тутуута бара турар. Бу Марха бөһүөлэгэр Дьокуускайдааҕы кадеттар оскуола-интернаттара. Оскуола икки блоктан турар, үөрэх куорпуһа уонна уопсай дьиэтэ. Үөрэх дьиэтэ ситэн-хотон билигин миэбэли таҥааһын үлэтин ыыталлар. Оскуола кэҥээн үөрэнээччитин ахсаана элбиирэ күүтүллэр.
Николай Дьяконов, Дьокуускайдааҕы кадеттар оскуола-интернатын дириэктэрин солбуйааччы: «Бүгүҥҥү күҥҥэ тутуу буола илигинэ 140 оҕо этэ, тутуу буоларын сибээстээн 200 оҕоҕо дылы элбиэхтээх. Ону таһынан эбии үөрэх курдук буолуохтаах».
Кадеттар оскуолалара аны күһүн бэлэм буолан аанын тэлэччи аһыаҕа, интерната алтынньы ыйга тутуллан бүтүөхтээх. Онон манна оҕолор аныгы ирдэбилгэ толору эппиэттир киэҥ-куоҥ усулуобуйаҕа үөрэниэхтэрэ турдаҕа.