Быйыл тыатааҕы нэһилиэнньэлээх пууннарга тахсар түгэнэ элбээбит
Бу видео интернет ситимигэр күүскэ тарҕанна. Амма улууһугар тыатааҕы үүттэҥҥэ киирбит. Хаһаайын адьырҕа кыыл аһыы-сии сылдьарын көрөн тутатына ыксаллаах миэрэни ылан сөптөөх ытыыны оҥорон өлөрдө. Бу видеону үйэтин тухары бултаабыт-алтаабыт Иннокентий Семёнов көрөн сыаналаата.
Иннокентий Семёнов, СӨ ураты харыстанар сирдэргэ уонна биологическай ресурсаларга дирекциятын салайааччытын солбуйааччыта: «Ас көрдөөбүт быһылаах. Хата бу карабиннаах уонна бэлэмнээх уол буолан хата сөптөөх миэрэни ылла. Кыһалҕаттан ытыы буолар. Киһи куотар кыаҕа суох, ситэн киһини өлөрүөн да сөп».
Бу соҕотох сырыы буолбатах, тыатааҕы киһини көрсөрө быйыл үксээтэ диэн тустаах үлэһиттэр бэлиэтииллэр. Холобур бу Уус-Алдан Бээрийэтин таһыгар айылҕа харамайа бөх тоҕор сиртэн ас көрдүү сылдьар. Эһэ туттарыттан-хаптарыттан көрдөххө дьонтон куттанар, сэрэхэчийэр быһыыта көстүбэт.
Виктория Николаева, СӨ экология министиэристибэтин булт департаменын салайар исписэлииһэ: «Быйыл тыатааҕы көрсөр түгэн эбиллибитэ бэлиэтэнэр. Билигин 170 эһэҕэ көҥүл таҕыста, онтон 84 бултанна».
Тыатааҕы ас булбут сириттэн арахпат диэн уопуттаах булчуттар сэһэргииллэр. Холобур бу вахтанан үлэлиир дьону айылҕа кыыла күүскэ куттаан уолутта. Үлэһиттэр ыксалларыттан аттынааҕы турбаларга ыттан быыһаннылар. Видеоҕа дьон саҥатыттан иһиттэххэ куруук аһатар буоланнар адьырҕа кыыл кэлэрэ үксээбит.
Роман Шавлов, натуралист-учуонай: «Некоторые сердобольные одну конфетку дадут. Даже одна конфетка в памяти оставит очень хорошие впечатления и он запоминает, что там ему было хорошо и вкусно, сладко».
Өскөтүн тыатааҕы баар диэн сэрэтии тахсар түгэнигэр, төһө даҕаны баай сир астаах эҥэр буолбутун иһин айылҕаҕа тахсартан туттуммут ордук диэн тустаах үлэһиттэр сэрэтэллэр.
Иннокентий Семёнов, СӨ ураты харыстанар сирдэргэ уонна биологическай ресурсаларга дирекциятын салайааччытын солбуйааччыта: «Эрдэттэн бу сиргэ тыатааҕы баар буоллаҕына, ону билэр буоллахтарына ол сиргэ сылдьыбатыннар. Киһи олоҕо сир аһын кытта тэҥэ суох».
Тыатааҕы билигин ойуур баһаардарыттан куотан дьон-сэргэ олохсуйбут сиригэр чугаһыаҕын сөп. Онон тыа умайара үгэннээн турар кэмигэр ордук сэрэхтээх буолар ирдэнэр. Эбэтэр тыатааҕы бас билэр сиригэр ас тиийбэтиттэн сылтаан эмиэ бөһүөлэктэргэ аһаары киирэр. Онон сир аһа ситэ бустаҕына, тэллэй үүннэҕинэ айылҕа кыыллара төттөрү бэйэлэрин сирдэригэр барыахтара диэн сабаҕалыыллар.