Ил Дархан Дьокуускайга тутулла турар баараҕай эбийиэктэри кэрийэн көрдө
Ил Дархан бөдөҥ тутуулары кэрийэн көрүүтүн "Звездный" түөлбэттэн саҕалаата. Манна өссө 7 дьиэ үлэҕэ киирэн эрэр. Онон үлэ-хамнас тигинэччи барар. Олохтоохторго табыгастаах усулуобуйаны тэрийэр сыалтан социальнай эбийиэктэри тутуу барар. Ол курдук быйыл хаҥкылыыр улахан саала аһыллыаҕа, итиэннэ эһиил оскуола, уһуйаан, балыыһа тутуута түмүктэниэ. Маны сэргэ суолу-ииһи оҥоруу тэтимнээхтик барар.
Виктор Романов, СӨ тутуу миниистирэ: «Манна Дьокуускай куорат 17 кыбаарталыттан, аэропорт аттынааҕы хаарбах дьиэлэртэн уонна улуустартан көһүөхтээхтэр. Уопсайа 1000-тан тахса кыбартыыра үлэҕэ киирэр, көһөрүүгэ 550 курдук көрүллэр».
Онтон салгыы Арктикатааҕы эпос киинин тутуутун кэрийэн көрдүлэр. Манна бетон үлэтэ түмүктэммит. Тутааччылар ис-тас бараанын оҥорууга киирбиттэр. Баараҕай тутуу хаамыытын, киин кыаҕын Андрей Борисов сиһилии кэпсээтэ. Бу акустикатынан, ис-тас оҥоһуутунан Сибииргэ, Уһук илиҥҥэ суох сонун тутуу.
Айсен Николаев, Ил Дархан: «Сыалбыт сорукпут – эһиил булгуччу үлэҕэ киириэхтээх. Билигин бетон үлэтэ бүттэ, тас оҥорууга ый аҥаара курдук хойутааһын баар. Сыл бүтүүтэ кыраапыкка киириэхтээхтэр».
Дьокуускай куорат 29№-дээх оскуолатын эбии тутуута 60% тиийбит. Көтүллүбүт хаарбах дьиэ оннугар 3 мэндиэмэннээх таас уораҕай дьэндэйбит. Тутуу болдьохтон хаалыыта суох баран иһэр. Ил Дархан Айсен Николаев оскуола саҥа тутуутун үрдүгэр спортивнай былаһааккалаах буоларын олус сэргии иһиттэ. Итиэннэ куорат киинигэр кыараҕас олбуордаах үөрэх тэрилтэлэригэр туһаныахха сөбүн бэлиэтээтэ.
Марфа яковлева, Дьокуускай 29№-дээх оскуолатын дириэктэрэ: «Үрдүктүк сыаналаан барда, тоҕо диэтэрэгэ улахан үлэ бара турар. 60% номнуо бэлэм, 2024 сыл ахсынньытыгар бэлэм буолан киириэхтээхпит».
Салгыы өрөспүүбүлүкэ баһылыга Жатайга тутулла турар "Точка будущего" диэн үөрэх комплексын тутуутун билистэ. Маннык баараҕай үөрэх комплекса дойду үрдүнэн Иркутскай уобаласка баар уонна иккис биһиги өрөспүүбүлүкэбигэр аны икки сылынан олоххо киириэ. бу "Новый дом" диэн аһымал пуонда үбүгэр тутуллар.
Айсен Николаев, Ил Дархан: «2026 сыл балаҕан ыйыгар бу оскуола арыллыахтаах. Өрөспүүбүлүкэбит оҕолорун иитиитигэр мин санаабар саҥа таһымҥа таһаарааһыҥҥа улахан инники хамсааһын буолуон сөп».
Тутуу уопсай иэнэ 65 тыһыынча кв.м. Маныаха анаан каадыр боппуруоһугар билиҥҥиэттэн үлэ барыахтааҕын Ил Дархан ыйда.