Дьокуускайга 31-ис Норуоттар икки ардыларынааҕы “Туймаада” олимпиада ыытылынна

86 Виталий Буслаев

От ыйын 3 күнүттэн 11 күнүгэр диэри Дьокуускай куоракка 31-ис Норуоттар икки ардыларынааҕы математика, физика, химия уонна информатика биридимиэттэринэн оскуола оҕолоругар олимпиада ыытылынна. Быйыл 211 оҕо 50 осуколаттан кыттыыны ылла. От ыйын 11 күнүгэр сабыллыы сиэрэ туома буолла, онно олимпиада түмүктэрин экспердэр иһитиннэрдилэр. Бу туһунан сиһилии Наука дьоҕус академиятын ректора Василий Павлов кэпсээтэ.