Мэҥэ-Хаҥалас улууһугар педагогическэй дьаарбаҥка ыытылынна

76 Виталий Буслаев

Мэҥэ-Хаҥалас улууһугар педагогическэй дьаарбаҥка бу күннэргэ ыытылынна. Майа сэлиэнньэтигэр дьаарбаҥка чэрчитинэн «Бастыҥнар хамсааһыннара» диэн былаһаакка тэрилиннэ. Бу манна 8 улуустан уонна киин куораттан үөрэх, иитии эйгэтигэр үлэлиир исписсэлиистэр муһуннулар. Кинилэр сатабылларынан, билиилэринэн хамаанданнан күрэхтэстилэр, итиэннэ айар дьоҕурдарын көрдөрдүлэр. Бу туһунан сиһилии «Бастыннар хамсааһыннара» эрэгийиэннээҕи салаатын муниципалитеттар координатора Александр Васильев кэпсээтэ.