Ил Түмэн депуттара улуус, нэһилиэк депуттарын кытта көрүстүлэр

101

Мунньах кыттыылаахтара биир бастыкынан саамай киэҥник дьүүллэнэр хайысха чуолаан промышленнай уонна хоту улуустарга  сир баайын туһанааччылары кытта үлэ, сыһыан хайдах тэрииллиэхтээҕин тула барда. Кэнники кэмҥэ общественность, олохтоохтор өттүлэриттэн бу хайысхаҕа үлэ ситэтэ суоҕун ыйаллар.  Маныаха промышленность министиристибэтэ бигэргэппитинэн, Саха сиригэр үгүс бөдөҥ сир баайын туһанааччылары кытта сөбүлэҥ түһэрсиллэн турар. Ол эрээри улуус, нэһилиэк таһымыгар сөбүлэҥ үлэтэ салгыы икки өттүттэн тэриллиэхтээҕин бэлиэтээтилэр. Салгыы улуустарга, нэһилиэктэргэ бюджеттан ороскуоттанар үбү харчыны хонтуруоллуур үлэ миэстэтигэр хайдах тэриллиэхтээҕин ырыттылар.

Алексей Еремеев, Ил Түмэн бэрэссэдээтэлэ: "Хас биирдии улууска үп-харчы ороскуоттаныытын хонтуруоллуур уорган баар буолуохтаах. Ол сокуон ирдэбилэ. Ити ирдэбили биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр  олоххо киллэрээрибит улахан үлэ барда. Билигин үс улууска бу үлэ ситэриллэ илик. Үс улууска толору киирдэҕинэ өрөспүүлүкэҕэ үп-харчы ороскуоттаныытын хонтуруоллуур уорганнарбыт баар буолаллар".

Бэлиэтээн эттээххэ, Ил Түмэҥҥэ өрөспүүбүлүкэ муниципальнай тэриллиилэрин бэрэстэбиитэллээх уорганнарын сэбиэтэ 6 сыллааҕыта 2018 сыллаахха тэриллибитэ. Онтон ыла Сэбиэт чилиэттэрэ сылга иккитэ көрсөн маннык мунньахтыыллар.Бу сырыыга  норуот депутаттара, улуустааҕы мунньах бэрэстэбиитэллэрэ, баһылыктар барыта 7 боппуруоһу дьүүллэстилэр.

Владимир Прокопьев, Ил Түмэн бэйэни салайыныыга сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ: "Сэбиэт састаабыгар 35 улуус сэбиэтин мунньаҕын бэрэссэдээтэллэрэ уонна 35 улуус эбэтэр нэһилиэк депуттара киирсэллэр. Кинилэр этиилэринэн биһиги бэбиэскэбитин, тиэмэбитин быһаарабыт.Холобур, бүгүн 7 боппуруоһу дьүүллэстибит. Дьиҥинэн этиилэрэ олус элбэх этэ".

Мунньахха маны тэҥэ бэринээрнэй сулуспа үлэтин тула дьүүллэһии барда. Чуолаан бу хайысхаҕа хамнас, каадыр боппуростарын көрдүлэр. Тыа хаһаайыстабытын салаатыгар исписэлиис тиийбэтэ сүрүн кыһалҕа буолар.

Алексей Еремеев, Ил Түмэн бэрэссэдээтэлэ: "Тыа хаһаайыстыбатын идэтигэр туттарсааччы аҕыйаата. Бюджет миэстэтин да саппат кутталлаах олоробут. 2023 сыл түмүгүнээҕи көрдөрүүнэн оннук этэ. Бу быһыыны-майгыны хайдах көннөрбүт диэн кэпсэтии барда".

Салгыы мунньахха балаҕан ыйыгар ыытылыахтаах быыбар туһунан кэсэттилэр. Санатан эттэххэ, аны күһүн 5 улууска баһылыктары талыахтара, Халыма Индигир уокуругуттан Ил Түмэҥҥэ депутаты, итиэннэ 78 нэһилиэккэ депутаттары быыбардыахтара.