Баһаарынайдар оҕо лааҕырдарын иитиллээччилэригэр уоттан сэрэхтээх буолуу тэрээһинин ыыталлар
Хатас орто оскуолатын 7 кылааһын үөрэнээччиллэрэ баһаарынай инструктор тугу кэпсиирин болҕомтолоохтук истэллэр. "Оҕо сайыҥҥы сынньалаҥа" диэн профилактическай аахсыйа чэрчитинэн бүгүн 8 №-дээх баһаарынай чааска лааҕыр оҕолоругар тэрээһин ыытыллынна.
Хатас нэһилиэгэ сыллата улаата-кэҥии турар, Дьокуускай куорат уокуругун биир саамай бөдөҥ нэһилиэгэ буолар. Тустаах баһаарынай чаас 6000-тан тахса нэһилиэнньэҕэ үлэтин ыытар, манна 1600 чааһынай дьиэ баар. Социальнай эбийиэктэр үгүстэр. Ол иһин манна профилактикаҕа чуолаан адпи - автономнай баһаарынай сигнализацияҕа улахан болҕомто ууруллар. Бу күн оҕолорго кыра эрээри, олус туһалаах тэрил туһунан инструктор кэпсээтэ.
Сардана Сосина, Хатастааҕы 8№-дээх баһаарынай чаас инструктора: “Хатаска бу аахсыйа са5аланыа5ыттан бу тэрил 214 ыалга турар. Мантан 110 ыалыгар симкалаах адпи турар. Олохтоох дьаһалта өйөбүлүнэн турбута. Бу тэрил баһаартан сэрэхтээх буолууга туһалаах. Буруо сытын биллэ эрэ улахан тыас таһаарар”.
Маныаха бу күн оҕолорго профилактика үлэтэ эрэ буолбакка, профориентационнай үлэ барда. Оҕолорго баһаарынай тимир көлөтүн сиһилии көрдөрөн кэпсээтилэр. Уолаттар диэх курдук сып-сап массыынаҕа тахса охсон, ким эрэ уруулга олордо, сорох оҕолор байыастар олорор сирдэригэр. Уопсайынан баһаарынайдар үлэлэрин иһиттэн көрдүлэр.
Семён Рожин, Хатастааҕы 8№-дээх баһаарынай чаас салайааччыта: “Сыл аҥаардааҕы көрдөрүүнэн былырыыҥҥыны кытта тэҥнээн көрдөххө 30% үрдээн турар. Оҕо лааҕырдарын кытта үлэлиибит, маны сэргэ олохтоох администрацияны кытта холбоһуктаах рейдэлэргэ тахсабыт”.
Оттон статистика хобдох сыыппырата көрдөрөрүнэн быйыл сыл саҕаланыаҕыттан баһаар көрдөрүүтэ 30% үрдээбит. Уопсайа өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 1777 тыһ. баһаар тахсыбыт. Онно хомойуох иһин 35 киһи сырдык тыына быстыбыт, 26 киһи араас таһымнаах эчэйиилэри ылбыт. Манна даҕатан эттэххэ, адпи көмөтө үрдээбитэ бэлиэтэнэр.
Сергей Миронов, СӨ баһаары утары сулууспатын профилактика салаатын салайааччыта: “Адпи туһатыгар үтүө холобуру аҕаллахха, бу кыһын Дьааҥы улууһугар Баатаҕайга элбэх квартиралаах дьиэттэн 12 киһи олоҕун бааһаан турар”.
"Баһаары умулларардааҕар-сэрэтэр ордук" диэн сыаллаах-соруктаах үлэлэр тиһигин быспакка ыытылла тураллар.