Сүрэхтэрэ ыалдьар дьоҥҥо саҥа кабинет үлэлээтэ
Сүүрэр дорожка холбонор, көрдөрүнээччи сыыйа хаамыытын түргэтэтэн биэрэр. 3 мүнүүтэ устата биир тэтимҥэ, онтон кыралаах эбэн биэрэллэр. Бу маннык ньыма сүрэх төһө уйумтутотун уонна туох кыһалҕаны бэриллибит ыарырҕатыыга көрсөрүн быһаараллар. Өскөтүн түргэн тэтими тулуйбат буоллаҕына, салгыы көрдөрүнэригэр исписэлиистэргэ ыытыллар.
Нам улууһуттан сылдьар 59 саастаах Андрей Афанасьев сүрэҕин көрдөрүнэр. Кини бу кииҥҥэ 6-с күнүн эмтэнэр. Аныгы үйэ тиэхиньикэтин көмөтүнэн олус түргэн, ыарыыта суох сүрэх тымыра кыараабытын быһаарар ньымалар баар буолбуттарын сөҕөр.
Андрей Афанасьев, Нам улууһун олохтооҕо: «Сүрэхпитин тымырбытынан киирэн көрөллөр. Ханан да быспаттар, туох да ыалдьыбат. Барытын олус үчүчгэйдик көрөллөр-истэллэр. Сүрэҕиҥ ханан бүөлэнээри гыммытын көрөллөр».
Сүрэх ыарыыта сэрэппэккэ хаһан баҕарар киириэн сөп. Сайыҥҥы бириэмэҕэ көрүдүөрү аҕам саастаах дьон толорон олорор. Саҥа балыыһа саҥа кабинета арыллыбыттан үөрүүлэрэ муҥура суох. Урукку кэмҥэ бэйэлэрин балыыһаларыгар көннөрү сылдьар эбит буоллахтарына, быйылгыттан учуокка турар ыарыһахтар кэтэнэн көрөр кабинекка көстүлэр.
Саҥа кабинекка бастаан кэлбит ыарыһахтары көрөллөр. Быраас көрбүтүн кэннэ, тымыра кыараабыт буоллаҕына стенд туруоран биэрэллэр. Бу эбии саҥа кабинет арыллан инфакт, инсульт уонна да атын сүрэх ыарыытын эрдэтээҥҥи кэмигэр быһаарар кыахтаннылар. Бу кииҥҥэ хайдах суруйтаран кэлиээхэ сөбүн сүрэх бырааһа кэпсээтэ.
Сахайаана Давыдова, сүрэх-тымыр киинин кардиолог бырааһа: «Ыарыһахтар регистратураҕа суруттаран көрдөрөллөр, онтон сотору кэминэн Госуслуги портал нөҥүө суруттарар кыах баар буолуо».
Күн аайы саҥа кабинекка 10-тан тахса киһи кэлэн көрдөрөр. Өскөтүн ыраах сытар улуустартан ыарыһах кэлэр кыаҕа суох буоллаҕына, онлайн видео сибээс нөҥүө быраастартан сүбэлэтиэн сөп.
Күндүл Иванов, сүрэх-тымыр киинин дириэктэрэ: «Бу кабинекка холестериннара үрдүк дьон көрдөрөр уонна эрдэ сүрэхтэригэр эпэрээссийэлээхтэр хааннарын кэтээн көрүү эмиэ манна оҥоһуллар буолуоҕа».
Өскөтүн кыра да ыарырҕатыы тулуйбат, аҕылыыр буоллаххытына, бу кииҥҥэ кэлэн эрдэттэн көрдөрүнэргит булугуччулаах.