Дьиэ кэргэн күнэ киэҥ далааһыннаахтык бэлиэтэннэ
Талбаана Куо, Михаил Федоровтар дойдубут үрдүнэн Дьиэ кэргэн, таптал, бэйэ-бэйэҕэ бэриниилээх буолуу күнүгэр сүрэхтэрин холбоон ыал буоллулар. Эрдэттэн атын датаны талан, кэлин көһөрөн барыта табыллан хаалбытыттан олус үөрэллэрин үллэстэллэр.
Михаил, Талбаана Куо Фёдоровтар, саҥа ыал: «Дьиэ кэргэн күнүгэр көһөрбүппүт. Олус үчүгэй суолталаах күн. Ыал буоларга олус барсар».
Бэлиэ күн дыбарыаска 14 паара ыал буолар чиэскэ тигистэ. Кинилэргэ Свято-Троицкай собуор уотун - дьиэ кэргэн бэлиэтин бэлэх туттардылар. Ону тэҥэ бу күн бүтүн 60 сыл бииргэ олорбут Степановтар дьиэ кэргэни чиэстээтилэр. Салгыы Саха циркэтиттэн Хомсомуол болуоссатыгар диэри бырааһыньыктааҕы параакка тыһыынчанан ыал кытынна.
Любовь, Филипп Пестряковтар, параат кыттыылааҕа: «3 оҕолоохпут, 20 тахса сиэннээхпит, хос сиэннээхпит. Инньэ гынан улахан дьоллоох дьиэ кэргэммит. Өрөспүүбүлүкэ ыалын барытын Дьиэ кэргэн күнүнэн эҕэрдэлиибит“.
Параакка кыһыл көмүс сыбаайбалаахтар, саҥа ыал буолбуттар, эдэр ыаллар, общественнай тэрилтэлэр кытыннылар. Саамай бэлиэ түгэнинэн кыра оҕолоохтор кэлээскэлэрин уратытык киэргэтэн хаампыттара буолла. Слепцовтар дьиэ кэргэн эбэлэрэ сиэнин кытта кыттарга санаммыт.
Домна Слепцова, параат кыттыылааҕа: «Улахан сиэннэрим номнуо устудьуоннар.Оттон бу саамай кыра сиэммин кытта сэлэлээн хаамыыга кытта сылдьабыт».
Дьокуускай олохтооҕо Руслана Усова 3 оҕолоох. Кэлээскэ параатыгар икки сыллааҕыта кыттан 3 миэстэни ылан турардаах, онон бу сырыыга эмиэ ох курдук оҥостон кэлэн кытта сылдьар, барытын бэйэтин илиитинэн оҥорбут.
Руслана Усова, параат кыттыылааҕа: «Сүрүн матырыйаала пенопласт, онтон баатаны туппутум, ол кэннэ кумааҕыны килиэйдээн баран кырааскалаабытым. Баттаҕын баайы саба гынным. Барытын бэйэм тиктим».
Дьиэ кэргэн, таптал уонна бэйэ-бэйэҕэ бэринилээх буолуу күнэ дойдубутугар 2008 сыллаахтан ыла бэлиэтэнэр. Захар, Валентина Колодезниковтар бииргэ олорбуттара аны биир ыйынан 39 сылын туолар. 4 оҕолоох, 6 сиэннээх ыал сыбаайбаларын хаартыскатын илдьэ кэлбиттэр.
Захар, Валентина Колодезниковтар, параат кыттыылаахтара: «1985 сыллаахха сыбаайбалыырбытыгар маннык этибит. Билигин улаханнык уларыйбатахпыт дии саныыбыт».
Хаамыы Хомсомуол болуоссатыгар диэри салҕанна, манна эҕэрдэ тэрэһиҥҥэ кубулуйда. Быраабыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Георгий Степанов Хаҥалас, Нам, Чурапчы, Таатта улууһун олохтоохторугар Дьиэ кэргэн уонна таптал бэлиэлэрин үөрүүлээх быһыыга-майгыга туттарда.
Людмила, Фёдор Птицыннар, параат кыттыылаахтара: «Бииргэ олоруу бэйэ бэйэни өйдөһүү, өйөнсүү, көмөлөсүһүү диэн буолар. Оҕолор дьоллорун туһугар этэҥҥэ олорон кэллибит».
Түмүккэ ураты кэлээскэлээхтэргэ кыайыылаахтары быһаардылар, оттон мустубут дьоҥҥо бырааһынньыктааҕы кэнсиэр тэрийдилэр.