Быыһыыр аналлаахтар
Эдэр быыһааччы Артур Сидоров халампааһынан сөтүөһүттэри маныыр. Кытылтан аһары тэйбит дьону өйдөөн көрөн тутатына тыытыгар тиэтэйэр.
Сөтүөһүттэргэ устан тиийэн, төннөллөрүн сэрэтэр. Бу соҕотох сырыы буолбатах, маннык үлэ күҥҥэ хаста оҥоһулларын быыһааччылар тарбахха ааҕан батарбаттар. Ону тэҥэ сэниэлэрэ эстэн эбэтэр иҥиирдэрэ тардан тимирэн эрэр дьону элбэхтэ быыһыыллар. Маны таһынан бэйэлэрин баҕаларынан ууга ыстанар дьон баалларын Артем Сидоров кэпсээтэ.
Артур Сидоров, быыһааччы: «Ааспыт нэдиэлэҕэ биир киһи тыынын бэйэтэ быһаары ууга ыстаммытын быыһаабыппыт. Шортигыттан тардан таһаарбыппыт. Быыһыыр сэлиэссигэ суох сылдьыбытым. Хата катердаах киһи кэлэн көмөлөспүтэ. Кини баар буолан быыһаабыппыт. Атына буоллар бэйэбин уу анныгар тардыа этэ».
Быыһааччы, биллэн турар, сатаан харбыыра ирдэнэр уонна этэ-сиинэ күүстээх, араас тургутууларга бэлэм буолуохтаах. Тимирэн эрэр киһи ыксалга быыһыы кэлбит киһитин ууга тардар идэлээх. Быыһааччы сөтүөһүт суорума суолламматын туһугар үлэлиир. Онон туох баар ньыма барыта туттуллуоҕун сөп.
Артур Сидоров, быыһааччы: «Тимирэн эрэр киһини баттаҕыттан тардыахха наада. Уолуйан хаалан бэйэҕин баттыан сөп».
Сөтүөһүттэр булгуччу тутуһуллуохтаах быраабылалары хайаан даҕаны тутуһабыт, оҕолорбутун харахпыт далыттан ыраатыннарбаппыт, быыһааччы идэлээхтэр дьону-сэргэни хонтуруоллууллара кэрэхсибиллээх диэн сэһэргээтилэр.
“Саамай сүрүнэ тиритэн баран эмискэ тымныы ууга киириэ суохха наада”.
“Дириҥҥэ кииримэҥ, сэрэхтээх буолуҥ”.
Бу күннэргэ өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн куйаас күннэр тураллар, сөтүө үгэнэ. Онон тустаах үлэһиттэр билбэт ууга киирэртэн туттунары, кытылтан тэйбэти уонна саамай сүрүнэ итирик туруктаах ууга чугаһаабаты сэрэтэллэр.