VIII «Азия оҕолорун» оонньуулара түмүктэннилэр
Оонньуулар түмүктэммиттэрин туоһута VIII "Азия оҕолорун" оонньууларын былааҕын түһэриитэ. Кадеттар 11 күн устата күөрэйэн турбут былааҕы түһэрэн быйылгы оонньуулар чөмпүйүөннэригэр туттараллар.
Кинилэр кэннилэриттэн түөстэригэр мэтээллээх, кыайыы көтөллөөх 24 спорт көрүҥэр 805 мэтээл хаһаайыттара сэлэлии хааман киирэллэр. Дьэ, бу манна стадион бүттүүнэ өрө ньиргийэр, кыайыылаахтар ааттара ааттанар.
Бастакы миэстэҕэ Узбекистан, иккискэ Сибиир федеральнай уокуруга, үһүс Беларусь өрөспүүбүлүкэтэ уонна 4 миэстэҕэ Саха сирин бастакы хамаандата таҕыстылар. Спортсменнар да тренердар да бары өрө көтөҕүүлээх, үрдүк күүрээннээх сылдьаллар. Тыҥааһыннаах киирсиилэр үтүө түмүктээх буоллулар.
"Бастакыбын кытынным. Олус диэн дуоһуйдум. Олимпиадаҕа кыттарга баҕа санааланным".
“Сабыллыы олус таһымнаахтык, киһи тылынан эппэт үчүгэйдик ааһа турар”.
“Доҕордоһуу. Спорт. Инникигэ суол”.
25 дойдуттан 30 хамаанда күөн көрүстэ. Кыайыы өрөгөйө, хотторуу хомолтото да баар этэ. Оҕо саас биир чаҕылхай түгэнин "Азия оҕолоро" бэлэхтээтэ.
Айсен Николаев, Ил Дархан: “Күндү доҕоттор. Уруй, айхал буоллун дьоллоох оҕо сааска. Биир санаа, биир күүс буоламмыт Сахабыт сиригэр, Улуу Россияҕа, “Азия оҕолоро” оонньууга сахалыы ньиргиччи уруй, айхал”.
Сахалыы айхал, урааҥхайдыы уруй стадиоҥҥа үс төгүл дуорайда. Аҕыс сыллаах тохтобул кэнниттэн Дьокуускай оҕо-ыччат спордун, доҕордоһуу уонна эйэ улахан түһүлгэтигэр кубулуйда.
Үөрүүлээх сабыллыы 4 түһүмэҕинэн ыытылынна. Барыта биир улахан кэнсиэргэ кубулуйда. Төрүт дорҕоон, нуучча матыыба, омук ырыата барыта бу манна тыаһаата. Норуоттар доҕордоһуулара, сомоҕолоһуулара бу киэһэ көрдөрүлүннэ.
"Олус үчүгэй тэрээһин".
“Туруоруу дьэрэкээн көстүүлээх, сабыллыы олус үчүгэй буолла”.
“Оонньуулар саҕаланыахтарыттан сырыттыбыт. Күрэхтэһиилэри көрдүбүт. Барыта олус үчүгэй”.
Тэрээһин сүрүн чааһынан оонньуулары ыытыыга көмөлөспүт волонтердарга махтаныы буолла. Кинилэр 11 күн устата тохтобула суох үлэлээн, бары кыттыылаахтарга күүс-көмө буоллулар. Стадион бүттүүнэ сүһүөхтэригэр туран махтанна.
Урукку уонна аныгылыы ырыалар силбэһэннэр барыта биир уопсай көстүүгэ кубулуйда. Ырыаһыттар былыргы массыыналарынан киирэн көрөөччүгэ тахсаллар. Аттаах киһи, мотоцикллар көрөөччү биһирэбилин ыллылар.
Спортивнай, культурнай тэрээһин үрдүк таһымҥа ааста. 700 тахса судьуйа, 2 тыһыынчаттан тахса спорстмен, 2 тыһыынча кэриҥэ волонтер бу оонньууларга кыттыыны ыллылар.
Сергей Местников, СӨ Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччы: “Элбэх көрөөччүлээх, элбэх ытыс таһыныылаах сабыллыы. Манна кыайыы өрөгөйүн сэргэ хотторуу хомолтото эмиэ баар. Кэрийэн көрдөххө доҕордоһуу, спорт, эйэ түһүлгэтэ буолбутун өссө биирдэ ”.
Азия оҕолорун оонньууларын уота умуллар, дьоллоох оҕо саас биир күлүм түгэнэ түмүктэнэр. Аныгыскы "Азия оҕолорун" оонньуулара түмүктэнэр.
"Азия оҕолорун” оонньуулара түмүктэннилэр. Бүтэһик ырыа, бүтэһик үҥкүү, бүтэһик көрсүһүүлэр. Аны түөрт сылынан IX “Азия оҕолорун” оонньууларыгар көрсүөхпүт".
Үөрүү аргыстаах, харах уулаах 8-с оонньуулар түмүктэнэллэр. Аны икки сылынан кыһыҥҥы, аны 4 сылынан сайыҥҥы оонньуулар бу курдук эмиэ үрдүк таһымҥа ааһыахтара.