Дьокуускайга үөрэххэ туттарсааччыларга анаан дьаарбаҥка ыытылынна.
Андрей Григорьев оскуолатын бүтэрэн үөрэххэ туттарсаары ийэтин кытта сүүрэ-көтө сылдьар. Бу курдук дьаарбаҥка олус туһалаах, Дьокуускай эрэ буолбакка атын да куораттар үөрэхтэрэ тэрээһиҥҥэ кыттыыны ылаллара кэрэхсэбиллээх диэн бэлиэтээтэ. Былааннаабыт олоҕун суолун, талбыт идэтин кэпсээтэ.
Андрей Григорьев, үөрэххэ туттарсааччы: «Хас биирдии киһиэхэ атын куоракка барар кыаҕа суох. Онон маннык кэлбиттэрэ олус табыгастаах. Көрдөхпүнэ Уралтан, Новгородтан бааллар. Бу олус үчүгэй. Юрист буолуохпун баҕарабын эбэтэр миграционнай сулууспа идэтигэр».
Үөрэххэ туттарсар баҕа санаалаахтарга туһааннаах дьаарбаҥка тиһигин быспакка сылын ахсын ыытыллар. Быйыл уопсайа 63 үөрэх кыһата уонна тэрилтэ кыттыыны ылла. Маны таһынан маҥнайгытын 20 байыаннай үрдүк үөрэх абитуриеннарга хайысхаларын көҕүлээтэ.
Александр Стариков, СӨ байыаннай комиссариатын бэлэмнэнии уонна ыҥырыы салаатын салайааччыта: «Идэ арааһа баар. Эмчит идэтиттэн саҕалаан техническэй идэлэргэ тиийэ туталлар. Гражданскай үөрэх кыһаларыгар курдук толору испииһэк. Ол эрэн биир сүрүн ирдэбиллээх, үөрэҕи бүтэрэн баран анаммыт сиригэр хантараагынан сулууспалыахтаах».
Тэрээһиҥҥэ Саха сиригэр оҥоһуллар байыаннай тиэхиникэ бииһин-ууһун дьоҥҥо-сэргэҕэ дьүүллээтилэр. Мантан сороҕо номнуо бэйэтин көрдөрөн, туһатын дакаастаан анал байыаннай дьайыыга үлэлии-хамсыы сырдьар. Холобур "Тимир ат" диэн тыаһа-ууһа суох, түргэн мотоцикл байыастар солбуллубат аргыстара буолла. Оттон сорох тиэхиньикэ бэрэбиэркэлэри ааһан, өссө тупсарыллан баран эмиэ үлэҕэ туттуллара турдаҕа.
«Мин “ЯК” диэн көлө аттыгар кэлэн турабын. Билигин бу тэрил бэрэбиэркэҕэ сылдьар. Тургутууну аастаҕына анал байыаннай дьайыыга туһаныыга ыытыахтара», - диэн корреспондент Алексей Решетников көлөнү көрдөрө-көрдөрө кэпсиир.
Тэрээһиҥҥэ үөрэхтэри таһынан контракт баттаан олоҕун байыаннай идэтин кытта холбуон баҕалаахтарга туспа хамыыһыйа үлэлиир. Онон дьаарбаҥкаҕа араас тоҕоостоох идэ, араас хайысха барыта баар.
Алексей Колесов, байыаннай сулууспаҕа ылыы пуунун аҕа инструктора: «Хантараагынан сулууспаҕа 18 саастарыттан 65 саастарыгар диэри көрөбүт. Армияҕа сулууспалаабатаҕа аахсыллыбат. Уопута суох дьону үөрэтэллэр. 1-2 ый анал кууруһу ааһаллар».
Үөрэххэ туттарсааччыларга аналлаах дьаарбаҥка-быыстапка киэһээ алтаҕа диэри ыытылынна. Бу сыллата барар тэрээһин элбэх киһи байыаннай, гражданскай үөрэх кыһаларыгар туттарсан киирэригэр күүс-көмө, сирдьит буолла.