Өрөспүүбүлүкэҕэ ойуур баһаарын умуруорууга 1700 тахса киһи үлэлиир
Үөһэттэн ардаҕы аҕалар бөртөлүөтүнэн ойуур баһаарын кэтээн көрөллөр. Ханан ордук умайа турар сири булан, ардаҕы аҕалыахтара. Авиалесохрана эппиэтинэстээх үлэһитэ биир даҕаны умайа турар сири көтүппэккэ аллара күүстээх үлэни ыытар уолаттарга отчуоттуур.
Уот салгыы тарҕамматын туһугар эстэрии үлэтэ барар. Хойуутук умайа турар сири төгүрүччү эргийэн хас эмэ сүүһүнэн миэтэрэни дэлби тэптэрэллэр. Аҥардас илии үлэтэ маннык улахан ойуур баһаарын кыайбат. Ол эрээри күүс-сэниэ баарын тухары бары сыраларын уураллар.
Саха сирин бары быыһыыр этэрээттэрэ улуустарынан тарҕанан күүстээх үлэҕэ кыттыстылар. Кинилэргэ көмөҕө Арассыыйа Авиалесохрана баһаарнайдара хас эмэ регионтан кэллилэр. Бу эппиэтинэстээх үлэҕэ туох ыарахаттары көрсөллөрүн баһаарнайдар кэпсээтилэр.
Андрей Микелян, "Авиалесоохрана" баһаарынай –десантнига: «Погода стоит очень жаркая и сухая. Нам приходиться очень много ходить и постоянно контролировать кромку, чтобы не было больше возгараний».
Алексей Пушкарёв, "Авиалесоохрана" инструктора: «Обстановка очень сложная, засуха стоит несколько недель. Основная сложность в том, что мох, трава сухая и горная местность. Пожар очень быстро распространяется».
От ыйын бастакы күнүттэн өрөспүүбүлүкэҕэ дойду таһымнаах ыксаллаах быһыы-майгы биллэриллибитэ. Бу ойуур баһаарын утары үлэни ыытарга эбии тиэхиньикэ, үп-харчы көрүллэригэр көмөлөһүөҕэ диэн өрөспүүбүлүкэ Ил Дархана Айсен Николаев Россия 24 федеральнай ханаалга иһитиннэрдэ.
Уус-Маайа улууһугар билигин 7 ойуур баһаара бэлиэтэнэр. Уопсайа 337 киһи уонна 5 тиэхиньикэ үлэлиир. Ойуур баһаара 32316 гектар сири хабар. Дойду араас муннуктарыттан 276 Авиалесохрана баһаарынай сулууспатыттан кэллилэр.
Александр Кузьмин, Уус Маайатаа5ы «Якутлесресурс» инженерэ: «Уопсайынан 16 тыа баһаарыттан 9 умулларынна».
Улахан баһаардар Өлүөхүмэ, Нерюнгри, Ленскэй оройуоннарыгар буола тураллар. Өлүөхүмэ улууһун баһылыга Николай Харбин телеграм ханаалыгар иһитиннэрбитинэн, Бурятия уонна Алдан авиаотделениялара эбии көмөҕө кэлбиттэр. Маны кытары бэҕэһээ өрөспүүбүлүкэ опер штаба амфибия Бе-200 самалетун ыытта. Ойуур баһаара нэһилиэнньэҕэ кутталы суоһаабат диэн бигэ эрэллээҕин биллэрдэ.
Сүрүн хонторуолга ханнык оройуон ылыллыбытын уонна тиэхиньикэ эбиллиитин туһунан Николай Никитин кэпсээтэ.
Николай Никитин, СӨ ойуур харыстабылын уонна чөлүгэр түһэрии департаменын салайааччы: «Оһуобай хонтуруолга Нерюнгри улууһугар Хани бөһүөлэктэн 4км баһаар буола турар. Улахан куттал суох, үлэ бара турар. “Экология” нацбырайыак чэрчитинэн сылын ахсын тиэхиньикэ атыылаһыллар. Быйыл 10-тан тахса тиэхиньикэ ылылынна. Олор номнуо баһаардарга үлэлии сылдьаллар».
Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн баһаары утары 1500 кэриҥэ киһи уонна 84 тиэхиньэкэ үлэлиир.