Өлгөм үүнүү кистэлэҥнэрэ
Хатас нэһилиэгин олохтооҕо Нататья Нохсорова сарсыарда халлаан арыый сөрүүн кэмигэр оҕурсуларын бэрийэр. Куйаас күннэр тураннар, күннэтэ дьиэлээхтэрин сибиэһэй оҕуруот аһынан күндүлүүр. Уопуттаах оҕуруоччут көрүүтүн-харайыытын, буорун, аһатыытын барытын баһылыы тутар буолан үүнээйитэ олус үчүгэй. Кини оҕурсу өлгөм ас биэрэригэр бэйэтэ туспа албастаах.
Наталья Нохсорова, оҕуруоччут: «Биир биэдэрэ ууга икки эрэ таммах йод кутаҕын уонна барыларыгар кутаталыыгын. Оччоҕуна аһа элбиир. Биһиэнэ перегной, сааҕынан эбии аһаппапыт. Кыратык эмбиоту суурайан кутабыт эбэтэр кураанаҕы буоругар ыһабыт».
Ол эбэтэр Наталья Устиновна саха ынаҕын ноһуомуттан оҥоһуллубут органическай олохтоох оҥоруу уоҕурдууну туһанар. Нохсоровтар тэлгэһэлэрэ дьэрэкээн сибэкки саада. Манна уонунан көрүҥ чэчик дьиэлээхтэри, нэһилиэк олохтоохтору үөрдэ сыллата үүнэр. Биллэн турар, бу барыта сыраны сылбаны таһынан үүннэриигэ билиини эрэрэйэр. Наталья кэнники сылларга сибэкки буоругар хайаан да торфаны туттар.
Наталья Нохсорова, оҕуруоччут: «Бу торф. Уу куттахха түргэнник куурар, тыынар уонна сытыйбат».
Хара буору уонна торфаны биир бииргэ буккуйар, оччоҕо көпсөркөй, сибэкки үүнэригэр табыгастаах буолар. Наталья Устиновна туох баар үүнээйитин тохсунньуттан саҕалаан бэйэтэ сиэмэнэн ыһан үүннэрэр. Онон хас биирдиилэрин оҕолуу бүөбэйдээн улаатыннарар. Уоҕурдууга анаан быспыт лабааларын, сыыс оту бырахпат барытын сытытан туһаҕа таһаарар. Оттон буортулааччыны утары охсуһууга бэйэтэ эмиэ туспа албастаах.
Наталья Нохсорова, оҕуруоччут: «Хаппыыста үөннэннэр онно кыһыл аһыы пиэрэс ыһабыт оччоҕуна үөн кэлбэт».
Кыһыҥҥыттан бүөбэйдээн үүннэрбитэ билигин ас биэрэн күннэтэ сибиэһэй оҕуруот аһын бэйэ кирээдэтиттэн сии олороллоруттан астык оҕуруоччукка суох. Наталья Устиновна оҕурсуну кытта салаат арааһыттан быһан билигин киллэрэн оҕолоро туралларыгар салаат бэлэмниэ. Онтон сотору кэминэн помидордара ситиэхтэрэ. Кэнники улаханнык хоннохтоммот, таһырдьа үүннэриллэр суортары ыһар.
Наталья Нохсорова, оҕуруоччут: «Помидорга элбэх уу кутан баран үчүгэйдик кууруор дылы куппахыт. Онтон үчүгэйдик куурбутун кэннэ кутаҕыт оччоҕуна аһа сытыйбат, үчүгэйдик үүнэр».
Оттон бу дьэрэкээн сибэккилэр аны аҕыйах хонугунан өссө ситэн силигилиэхтэрэ, көрүөхтэн кэрэ киһи хараҕа үөрэр сада буолуо. Оччоҕо Наталья Нохсорова ааспыт сыллар курдук бастыҥ тэлгэһэ күрэххэ кыттыа.