Дьокуускайга Өлүөнэ эбэбит күнүгэр кытылы ыраастыыр субуотунньук буолла

90

Субуотунньукка тахсыах иннинэ биир санаалаахтар түмсэн бары тэҥҥэ биир хамсаныылары оҥороллор Кытылы ыраастааһыҥҥа ордук эдэр ыччат кыттыһар.  Аахсыйа кыттыылаахтара Өлүөнэ сүнньүгэр олорор улуустары кытта быһа сибээскэ тахсаллар.

Манна биир бастакынан Өлүөнэ күнүн киэҥ далааһыннаахтык Ленскэй оройуона бэлиэтээбитин иһитиннэрдилэр. Онтон туһааннаах иһитиннэрии, бөлөҕүнэн арахсыы кэннэ кууллары туппутунан кытылы хомуйууга аахсыйа кыттыылахтара түһүннүлэр. Түмүккэ хайа хамаанда ордук элбэх бөҕү хомуйбута кээмэйдэнэр. Онон биир да сыыһы хаалларбакка барытын куулга хаалыыллар.

Күннэй Симонова, "Ыраас уу" аахсыйа кыттыылааҕа: «Бу аахсыйаҕа биһи тэрилтэбит эдэр ыччаттара куруук кыттабыт. Бүгүн олус элбэх киһи аахсыйабытыгар кытта кэлбитин көрөн киһи үөрэр».

Маннык үгэс буолбут тэрээһин Өлүөнэ өрүс күнэ төрүттэниэҕиттэн 2003 сылтан ыытыллар. Сыллата кыттааччы тэрилтэ ахсаана эбиллэр. Холобур уу хаһаайыстыбаларын тэрилтэлэрин сэргэ быйыл уонна киин куорат бөдөҥ хампаанньалара эбилиннилэр.

Маннык субуотунньуктары тэҥэ федеральнай таһымҥа Өлүөнэ өрүс уутун туругун тупсарыыга, биэрэги бөҕөргөтүүгэ сыллата үгүс үлэ ыытыллар. Ол курдук быйыл Үөһээ Бүлүү аннынан быһыт үлэтэ түмүктэниэ.

Анатолий Алексеев, СӨ айылҕа харыстабылын миниистирин солбуйааччы: «Инники былаамытыгар биир улахан куорат чэрчитигэр көрүллэн бырайыактанан турар. Куорат иһигэр баар күөллэри, үрэхтэри ыраастааһын үлэтэ эһиилгиттэн барыахтаах. Онно 90 мөл. үп ананна».

Онтон Өлүөнэ туругар өрүһүнэн сырыы, бырамыысыннас уонна эбэ сүнньүгэр олорооччулар киртитиилэрэ араас таһымнаах экология бырагыраамаларыгар киирэн үлэ барар.

Петр Аргунов, Өлүөнэтээҕи уу салалтатын салайааччы: «Росрыболвство, Роспотребнадзор уонна айылҕа харыстабылын министиэристибэтэ сүрүннээн хас күн аайы күүстэрин уураллар. Тэрилтэлэрбит үчүгэйдик үлэлиир буоланнар билиҥҥи туругунан Өлүөнэ өрүспүт Арассыыйаҕа биир үчүгэй уу туруктаах өрүс буолар».

Өлүөнэ эбэбит Байкал күөлтэн саҕаланар уонна Лаптев муоратыгар кэлэн түһэр. Уһуна 4400 км. аан дойдуга уһунунан 10 миэстэни ылар. Оттон субуотунньукка Ытык эбэбит туһугар дууһалыын ыалдьар, чөл туруктаах буолуутугар кыһаллар дьон кыттыстылар.

Михаил Птицын, Ыраас уу" аахсыйа кыттыылааҕа: «Куруук маннык ыраас буоларын туһугар ыалдьан кэлэн бу хомуйа сылдьабыт. Баҕарабыт барыларыгар - Эбэбит куруук ыраас буоларын туһугар».

Бу күн маны сэргэ ыраастааһын марафона Өлүөнэ өрүс тардыытыгар сытар улуустарга саҕаланна. Бу тэрээһин Булуҥ улууһугар тиийэн түмүктэниэ.