Дьокуускайга "Арассыыйа норуоттарын оонньуулара" диэн бэстибээл ыытылынна
Арассыыйа араас омуктарын ырыалара-тойуктара дуорайар, үҥкүүлэрэ-битиилэрэ ыытыллар. Хомсомуол болуоссатыгар "Игры народов России" диэн бэстэбээл үгэнэ. Бу тэрээһин сүрүн сыалынан норуоттар төрүт оонньууларын сырдатыы буолар.
Мухаммаджон Одинаев, бэстэбээл кыттыылааҕа: «У нас есть такая игра – ланкабози. Там надо набивать ногой, чтобы она не упала. Это наша национальная игра, но у других народов тоже есть. Она сделана из свинца и шерсти. Надо набивать ногой и финты можно делать».
Нина Петрова Бурятияттан 38 сыл аннаараа өттүгэр көһөн кэлбит. Билигин номнуо уу сахалыы холкутук саҥарар, саха үгэстэрин ытыктыыр уонна убаастыыр. Бу тэрээһиҥҥэ дьоҥҥо-сэргэҕэ бэйэтин омугун төрүт оонньууларын, култууратын сырдатар сыаллаах кэлбит. Бэстэбээл норуоттар сомоҕолоһууларыгар улахан суолталаах диэн бэлиэтээн эттэ.
Нина Петрова, бэстэбээл кыттыылааҕа: «Бурятка буоларым быһыытынан общинаҕа сылдьабын. Бэйэбит төрүт култуурабытын, үгэстэрбитин манна көрдөрдүбүт. Араас норуоттар оонньууларын, култууратын көрөөрүбүт, үллэстээрибит манна кэлэн турабыт. Улахан тэрээһин буола турар кэмигэр ыытыллара наһаа үчүгэй, тоҕо диэтэргэ доҕордоһуу төрүөтэ уонна дьоннор биир сомоҕо буолуохтара диэн эрэнэбин».
Оҕолор оонньуу нөҥүө холкутук алтыһаллар, уопсай тылы булаллар диэн уһуйааччы идэлэээхтэр бэлиэтээтилэр. Онон биир тылынан сатаан саҥарбакка даҕаны хамсаныы нөҥүө оҕолор доҕордоһор кыахтаахтар. Саха төрүт оонньууларын үгүс киһи сэргээтэ, көхтөөх кыттыыны ылла.
Надежда Белолюбская, бэстэбээл кыттыылааҕа: «Хабылыкпытын наһаа сөбүлээтилэр. Бүгүн остуол хабылыгар оонньуохтара. Оҕолор бэйэлэрин оонньууларын нөҥүө атын норуот култууратын кытта билсиэхтээхтэр. Түргэн баҕайытык алтыһыыга киирэллэр, барытыгар кыттан иһэллэр».
Бэстибээл Саха сиригэр оҕо, Арассыыйаҕа дьиэ кэргэн уонна Саха сирин омуктарын холбоһуктара 30 сылыгар ананна. Тэрээһин "Норуот оонньуута сүрэхтэри чугаһатар" диэн алгыс тыл арыаллаах ыытылынна.