Чэпчэки атлетикаҕа күрэхтэр 3 күнүн ыытылаллар
"Туймаада" стадион иһэ ньиргийэ олорор. Биһиги уолбут Эрчимэн Драгунов 800 миэтирэҕэ чаҕылхайдык сүүрэн, Кыргызстан спортсменын кэнниттэн кэллэ. Кэннигэр 3 уолу хаалларан, биэтэккэ иккис нүөмэр.
Эрчимэн Драгунов, Саха сирин сүүмэрдэммит I-кы хамаандатын сүүрүгэ: «Бэлэмнэнэн кэлбитим. Ситиһии кэлиэ диэн эрэммитим, кыра тиийбэтэ, кыһыылаах. Тренер сүбэтин истэн иккис кэллим».
Спорт королевата - чэпчэки атлетика. Төһө да ип-итии, куйаас турдар эдэр спортсменнар бойобуойдуу оҥостон, соруктарын толороллор. Алмаастаах кыраайтан сылдьар 14 саастаах Кристина Степанова бүгүн 200 миэтирэҕэ бэйэтин тус көрдөрүүтүн тупсарда. Бүгүн киниэхэ сүрэҕинэн-быарынан тренерэ Иван Устинов ыалдьар.
Иван Устинов, тренер: «Бэйэтин тус бириэмэтин тупсарда. Кылгас дистанцияҕа атын эрэгийиэннэри кытта сүүрэр ыарахан соҕус. Биһи оҕолорбут туох баарынан киирсэ сылдьаллар. Бэҕэһээ түмүгүнэн биир кыһыл көмүс мэтээллээхпит».
Кристина Степанова, Саха сирин сүүмэрдэммит I-кы хамаандатын сүүрүгэ: «Время улучшила чуть-чуть, а так я довольна результатом. Соперники очень сильные и на год старше. А так опыт все равно будет».
Бастакы тыҥааһыннаах күҥҥэ 3 көмүс, 3 уруҥ көмүс уонна 3 боруонса уопсайа 9 мэтээли ылары ситиһэн инники күөҥҥэ Белорусь хамаандата тахсыбыта. Салгыы Уһук Илин эрэгийиэн сүүмэрдэммит хамаандата. Оттон күн бүгүн Туймаада стадиоҥҥа кыргыттарга уонна уолаттарга 200, 800 миэтирэҕэ сүүрүү итиэннэ мэһэйдээх сүрүү ыытыллынна.
Үөһэттэн ыстаныы көруҥэ үгүс сэҥээрээччилэри түмтэ. Холобура, бу күн 165см. үөһээ үрдүгү сорох спортсменнар ойон тус рекордарын олохтоотулар. Биһиги Өрөспүүбүлүкэбит чиэһин бу көрүҥҥэ Константин Коротков көмүскээтэ.
800 миэтирэ ыраах сүүрүүгэ Саха сирин сүүмэрдэммит хамаандатыттан Настя Жиркова күүстээх утарсааччыларын кытары тэҥҥэ сүүрэн, иккис бочуоттаах миэстэни ылары ситистэ. Харысхала - ийэтэ оҕотун аттыгар.
Екатерина Жиркова, Настя Жиркова ийэтэ: «Настя бу күрэххэ саамай эдэр кыттааччы буолар. Кини 13 саастаах. Элбэх сүүмэрдээһини ааһан Саха сирин бастакы хамаандатыгар киирбитэ. Бүгүн үчүгэйдик бэйэтин көрдөрдө дии саныыбын».
Бу курдук чэпчэки атлетикаҕа күрэхтэр тыҥааһыннаахтык ааһа тураллар. Манна даҕатан эттэххэ, бу спорт көрүҥэр күрэх күн сарсын түмүктэнэр.