Туймаада ыһыаҕа ыһылынна
Үрдүк айыылартан көҥүл ылан, үрүҥ тунах Ыһыах арыллытын сиэрэ-туома саҕаланар. Өбүгэ сиэринэн алгыс баһа сыланарыгар сылы этэҥҥэ туоруур көрдөһүү алгыһа толоруллар. Тоҕус хаттыгастаах халлаан айыыларыттан, хас биирдиилэриттэн сүгүрүйүү сиэрэ ыытыллар.
Бу үгэс толоруллубутун кэнниттэн Дьокуускай куорат аҕа баһылыга Евгений Григорьев Туймаада хочотун ыһыаҕын Ытык Дуоҕатын туруорар. Дьэ бу кэмтэн ыла Үс Хатыҥ сиригэр-уотугар ыһыах саҕаланар. Ил Дархан Айсен Николаев Өрөспүүбүлүкэтин дьонун-сэргэтин уруйдаан, Дойду президена Владимир Путин эҕэрдэтин тириэрдэр
Айсен Николаев, Ил Дархан: «Сөҕөбүн, уонна киэн туттабын, тыйыс сиргэ олороҕут уонна култуураҕытын хааллараҥыт уонна ол култуураҕытын олох сайдыытыгар сөпкө түбэһиннэрэн аан дойду чыпчаалыгар элбэх хайысхаҕа номнуо тахсыбыккыт. Уонна хайаан даҕаны бу өттүгэр өйүөҕүм уонна дьоҥҥор-сэргэҕэр махталбын уонна киэн туттарбын биллэр диэбитэ».
Чахчы Туймаада ыһыаҕа киэҥ хабааннаахтык, үрдүк таһымнаахтык ыытыллар биир сүрүн бырааһынньыкпыт буолар. Уһун унньулҕалаах кыһыммытын туораан, чээлэй күөххэ үүктэнэр, үүммут сылы этэҥҥэ туоруур сиэр -туом хайаан да ыһыахха оҥоһуллар.
Роксана Ноева, Арчы түһүлгэтин тэрийээччи: «Манна дьоннор кэлэн Айыыларга сүгүрүйэн, баччаҕа диэри этэҥҥэ кэлбиттэригэр махтанан. Өссө даҕаны инникитин көрө-истэ сылдьыҥ диэн арчылаан, көрдөһөн санааларын ыытар сирдэрэ».
Манна сахалар саамай сүгүрүйэр - Дьөһөгөй айыыларыгар сүр күрүөлэрин бөҕөргөтөр үлэлэрэ ааһаллар.
Быйылгы Туймаада ыһыаҕа оҕо уонна дьиэ кэргэн сылыгар анаммыт буолан, манна үгүстэр дьиэ кэргэнинэн, биир күргүөмүнэн кэлбиттэр. Сунтаар улууһун аҕа баһылыга Александр Григорьев кэргэнин уонна оҕолорун кытары, саамай сиэдэрэй таҥастарын симэнэн, ыһыах ыһа кэлбиттэр.
Анатолий Григорьев, “Сунтаар улууһа” МТ баһылыга: «Ытык-мааны кырдьаҕастарбытыгар ытыктабыл сылын биллэрбиппит. Ол таһынан Ил Дархаммыт Оҕо сылын биллэрбитэ, онон Сунтаарга быйылгы сылбыт дьиэ кэргэҥҥэ ураты болҕомто ууруллар сыла буолла».
Быйыл буоларын курдук Туймаада ыһыаҕын бырагырааммата киэҥ. Сүүһүнэн түһүлгэ биирдэ ньиргийэн үлэлиир. Улуус-улуус биир дойдулаахтарын түмэн, көрсүһүү бэлиэ түгэннэрин бэлэхтиир. Ырыа-тойук түһүлгэлэрэ көмүс куоластаахтары түмэр. Быйыл биллэн туран улахан болҕомто-кырачаан дьоммутугар.
Онтон быйыл биллэн туран, хаһааҥыттааҕар да үтүмэн ыалдьыт араас эрэгийиэннэртэн, тас дойдулартан кэллиллэр. Ыалдьыттар дьиҥ сүргэллэрэ көтөҕүллүбүт.
Онтон быйылгы Саха дьонун түмэр-сомоҕолуур бырааһынньыкка барыллаан ааҕынан 200-тэн тахса тыһынча киһи ыалдьыттаата, ыһыаҕын арыллыытыгар 1200 киһи кыттыыны ылла.