Дьокуускайга бөдөҥ археолгическай хаһыы салҕанар
Хас биирдии хамсаныы олус сэрэнэн, миллимиэтиригэр тиийэ болҕомтолоохтук хаһыллар. Тоҕо диэтэр археологтар 17 үйэтээҕи дьапталҕаҕа номнуо тиийэн, ол саҕанааҕы тутууну булбуттар. Бэрт кылгас кэм иһигэр сир анныгар хаһыллан оҥоһуллубут аҕыс эргиир эркини хаһан таһаардылар.
Иван Фролов, "Северная археология -1" тэрилтэ археолога: «Это скорее всего подсобное хранилище. На планах Якутского острога обозначены как подвалы воеводские для хранения, видимо, съестных припасов».
Эбэтэр буорах хаһаанар оҥкучах буолуон сөп диэн учуонайдар сабаҕалыыллар. Ону сотору кэминэн саба түһэ сытар мастары ыраастаатахтарына билиэхтэрэ. Маныаха археологтар үлэлэрин ирбэт тоҥ атахтыыр, күн аайы 5 см ирэ турар. Онон хас чаас, мүнүүтэ күндү.
Онон хаһыы саамай долгутуулаах, элбэҕи эрэннэрэр чааһыгар чугаһаан сылдьаллар. Археологтар, устудьуоннар, түмэл үлэһиттэрэ уонна оскуола оҕолоро буолан лаппаакы, киистэ көмөтүнэн Дьокуускай урукку омоонун аа-дьуо таһааран эрэллэр. Бу хаһылла сылдьар сиргэ 4 үйэ аннараа өттүгэр куорат киинэ саҕаламмыта.
Николай Макаров, СӨ култуура нэһилиэстибэтин эбийиэктэрин харыстыыр салалта салайааччыта: «Биллэрин курдук бу остуруок 1682 сыллаахха тутуллубута. Ол административнай киин буолар. Таҥара дьиэтэ, воеводскай канцелярия уонна бу көрөр дьиэбит пороховой погреб диэн сабаҕалыыллар. Туох баар тутуулар мантан тэнийэн бара турбуттара. Биһиэхэ элбэҕи эрэннэрэр, бу кириэппэскэ олорбут дьоннор олохторо-дьаһахтара, туттубут сэптэрэ, табылыннаҕына, көмүллүбүт көһүннэҕинэ биһи куораппыт историятын туһунан арыйыаҕа».
Оттон хаһыы атын өттүттэн эмиэ күннэтэ урукку олох суолдьуттара тахса тураллар. Холобура, хараабыл тутуутугар туттуллар мас тоһоҕолор араастара, дьахтар киэргэлин сорҕото, туой, фарфор иһит кырамтата көһүннэ. Оттон 1880 сыллаах үрүҥ көмүс 20 кэпиэйкэ көстүбүт малтан саамай сэдэхтэрэ. Бэйэтин кэмигэр олус аҕыйах кээмэйинэн тахсыбыт, оборуокка туһаныллыбатах, биирдиилээн коллекционердарга эрэ баар харчы. Сүрүннээн туттар мал-сал көстөр.
Айта Андросова, археологическай хаһыы кыттыылааҕа: «Булумньулартан сороҕо эрэ сытар. Холобура бу быһах, тутааҕа хатыҥтан буола сылдьыбыт. Сэлии муоһуттан оҥоһуллубут тиис суокката 18-19 үйэ».
Хас биир булумньу барыта Хотугулуу-Илин федеральнай университет түмэлигэр туттарыллыа, оттон тутуулар "Доҕордоһуу" музейыгар илдьиллиэхтэрэ. Онно инникитин архелогическай булумньулар түмэллэрин оҥорор сорук турар.