Дьокуускайга көҕөрдүү үлэлэрэ түмүктэнэнэн эрэллэр
Дьокуускай үрдүнэн тулалыыр эйгэни көҕөрдүү үлэтин баараҕай былаана олоххо киирбитэ быйыл үһүс сыла. 2021 сыллаахтан буоларын курдук, дьэрэкээн сибэккилэри эрэ буолбакка, өр сылга үүнэр кустарниктары, мастары, талахтары олордууну киллэрбиттэрэ. Дьокуускай болуоссаттарын, сквердэрин, общественнай сирдэри сыллата араас сибэккинэн симииллэр. Быйыл Азия оҕолорун чэрчитинэн көҕөрдүү үлэтэ хас да бүк тэтимнээхтик ыытылынна. Үүнээйилэр номнуо үүнэн силигилээн кэрэ көстүүлэринэн дьону-сэргэни үөрдэллэр.
Екатерина Павлова, Дьокуускай куорат баһылыгын көҕөрдүү үлэтигэр сүбэһитэ: «Проходит ежегодное озеленение по площадям нашего города и по округам. Были определены подрядчики и они уже заканчивают свою работу и ближайшие дни работа по озеленению будет окончена».
Куораты көҕөрдүү бары өттүнэн хабылыннын диэн хас биирдиии уокурук ылсан күөх үүнээйиини хото олордуохтаах. Маныаха көҕөрдүү үлэтигэр тустаах исиписэлиистэри кытта ыкса сибэстээх үлэ тэриллиэхтээх, ол курдук, идэтийбит бэдэрээччиттэри талан үлэ барар. Дьокуускай куорат биир бөдөҥ сибэккитин салона кэнники сылларга экологическэй тэрилтэ быһыытынан үлэлиир-хамсыыр. Кинилэр бу Пирогов уонна Ильменскай уулуссаларыгар 700-тэн тахса күөх үүнээйини олортулар.
Хантараак чэрчитинэн, манна аҥардас олордуу эрэ буолбакка, кэнники өттүгэр көрүү-истии, бүөбэйдээһин үлэтэ эмиэ киирэн турар. Онон үүнээйилэр көрүүтэ-истиитэ суох хаалбат буолан, салгыы үүнэллэригэр бары усулуобуйаны оҥороллор. Бу иннинээҕи сылларга эмиэ чуолаан черемуха, рябина, акация, харыйа, бэс мастары Ярославскай, Лермонтов уонна Орджоникидзе уулуссаларыгар олордубуттара. Мастар силис тардан, этэҥҥэ үүнэ тураллар, онон үтүө уопут баар диэн исписэлиистэр этэллэр. Бэс ыйын саҥата Кыайыы паркатыгар үгэскэ кубулуйбут мас олордуутун аахсыйата ыытыллыбыта. Онно баһылык Евгений Григорьев Кыайыы пааркатын тулатыгар барытын маһы олордор соруктаахпыт диэн бэлиэтээн турар.
Евгений Григорьев, Дьокуускай куорат баһылыга: «2020 сыллаахтан бу паарканы тута сылдьабыт. Сылын ахсы мас олордобут. Билиҥҥи туругунан 10-ча тыһ. буолла маспыт. Бу аахсыйабытын булгуччу тохтопоккобут пааркабыт тула барыта мас буолуор дылы үлэбитин ыыта туруохпут».
Дьокуускай көҕөрдүүтүгэр куорат араас тэрилтэлэрэ, үөрэҕин кыһалара күүс-көмө буолаллар, үүнээйи рассадаларынан хааччыйыллар. Бүгүҥҥү күҥҥэ көҕөрдүү үлэтэ үмүрүйэн эрэр, салгыы бүөбэйдээһин үлэтэ хаалар. Бэлиэтээн эттэххэ, өр сыллаах үүнэйилэр, талахтар, аҥардас көстүүтүнэн эрэ буолбакка, быылы кытта охсуһууга сүҥкэн суолталаахтар Кылгас, ол эрэн уйгу-быйыҥ сайыммыт устата куораппыт күөх үүнээйинэн туолан, бар дьону хараҕын сымнатан кэрэ үксүүрүгэр баҕарабыт.