Бэйэ күүһүнэн түмэл

91

Симии оһох туой буортан дьэндэйэн тахсан, билигин түмэли ититэр. Мусуой хаһаайаката Анна Бурнашева саҥа оҥоһуутун үөрэ-көтө кэпсиир. Оһох туран түмэл сылыйда да, киэркэйдэ да.

Анна Бурнашева – Баатаҕай нэһилиэгин олохтооҕо: «Саха оһохтоох буолуохтаах. Бу былыргылыы симии оһох оҥорбуппут. Мин дьоннорум маннык оһохтоохтор этэ. Өтөхпүтүгэр оһох дьардьаматын көрөммүт оҥорбуппут».

2020 сыллаахха Бурнашевтар дьиэ кэргэн бэйэлэрин күүстэринэн төрөөбут Баатаҕайдарыгар, кыраайы үөрэтэр түмэли арыйбыттара. Ол кэмтэн ыла ыал олбуорун иһигэр баар мусуой хаҥаан-кэҥээн иһэр. Манна холобура биир саҥа экспонат саха сылгытын толору макета дьон дьүүлугэр турбут.

Анна Бурнашева – Баатаҕай нэһилиэгин олохтооҕо: «Бу ат сыарҕаҕалаах да ыҥыырдаах да. Барытын тигэн, чочуйан оҥордубут».

Билигин хаһаайка былаана киэҥ, салгыы өссө эбии таһырдьа түмэл тутар соруктаах. Онтукатын бастакы олуга турбут. Манна улахан экспонаттар туруохтара диэн Анна Петровна кэпсиир.

Анна Бурнашева – Баатаҕай нэһилиэгин олохтооҕо: «Манна тимир сээкэйдэри килэриэхпит диэн былааннаахпыт. Мусуойбар кэлэн көрө сылдьыҥ. Киһи билбэтэ элбэх, урут дьоннор хайдах туттан, тугунан үлэлээн-хамсаан сылдьыбыттарын биллэриэхпин баҕарабын».

Бу курдук тыа сиригэр энтузиаст дьон баар буолан, билигин Баатаҕайга киин сирдэртэн туох да уратыта суох түмэл үлэлиир. Ыалдьыттары көрсө турар.