“Азия оҕолоро” оонньууларга кыттар тустууктар түмүктүүр дьарыктарыгар сылдьаллар
Мыраан көй салгыныгар сарсыардааҥҥы дьарык. Ийэ айылҕаттан күүс-уох ылыы, эти-сиини чөлүгэр түһэрии эрчиллии бэрээдэгэр хайаан да киирэ сылдьар. Быһаарыылаах киирсиилэр буолаллара аҕыйах хонук хаалла. Ол иннинэ сэниэни эспэт гына холку дьарыктарга киирдилэр. Холобур, бүгүн 40 мүнүүтэ сүүрүү уонна эти-хааны уһугуннарар хамсаныылар. Бу иннинэ оҕолору күрэх туругар киллэрээри туһуннарбыттар. Онон уолаттар күүстээх киирсиигэ толору бэлэм сылдьаллар.
Пантелеймон Софронеев - "Азия оҕолоро" спортивнай оонньуулар кыттыылааҕа: «Бэлэммин, айылҕаҕа сүүрэр үчүгэй, туһалаах».
8 оонньууларга көҥүл тустууга Саха сириттэн икки хамаанданан 14 уол киирсиэҕэ. Өрөспүүбүлүкэ чиэһин көмүскүөхтээх бөҕөстөр сыл устата биир күн өрөбүлэ суох дьарыкка сылдьаллар. Оҕолор үс түһүмэхтээх сүүмэрдээһини аастылар. Бу күһүн Киргизияҕа, Казахстаҥҥа хомуур дьарыкка сылдьыбттара, онтон иккис түһүмэххэ Уһук Илин, дойду чемпионаттарагыра кыттыбыттара. Ол кэннэ Дагестаҥҥа уонна Алдаҥҥа хомуур дьарыгы аастылар.
Кузьма Сивцев - көҥүл тустууга Саха сирин сүүмэрдэммит хамаандатын аҕа тренерэ: «Хаһааҥыттааҕар даҕаны улахан долгутуулаах уонна эппиэтинэстээх кэм. Дьиэбитигэр дьоһуннаахтык кыттыахпыт дии саныыбын. Бэлэми барытын аастыбыт, үлэлии-хамсыы уонна турукка киирэ сылдьабыт».
Бу сырыыга тустууктары бэлэмнээһиҥҥэ саҥа сүүрээни киллэрдилэр. Ол курдук сүүмэрдэммит хамаанда 14 уолун 5 тренер дьарыктыыр. Кинилэр бөҕөстөрү киилэнэн үллэстэн эрчийэллэр. Маныаха анаан бастыҥ уһуйааччылары улуустартан талбыттар. Мэҥэ Хаҥалас, Чурапчы, Хаҥалас, Дьокуускай тренердэрин. Чурапчы спорт оскуолатын тренерэ Виталий Корякин улууһуттан саамай элбэх оҕолоох.
Виталий Корякин - көҥүл тустууга Саха сирин сүүмэрдэммит хамаандатын тренерэ: «Хомуур дьарык ыарахан буоллаҕа, гынан баран уолаттар тулуйдулар, соруктарын барытын оҥордулар».
Ити курдук тренердэр Хас биирдии оҕо уратытын, күүстээх өрүтүн таба көрөн эрчийэллэр. Хаалбыт быһаарыылаах күннэргэ күүс-уох өттүнэн эрэ буолбакка өй-санаа өттүнэн күүстээх буолууга дьарыктыыллар. Дьиэлэриттэн ыраах тэлэһийэ сылдьан, өрөспүүбүлүкэ чиэһин көмүскүөхтээх оҕолорго төрөппүт сыһыанын кытта солбуйаллар. Эрхан Николаев ыраах хоту улуустан сылдьар. Үс түһүмэҕи бастыҥ көрдөрүүлээх ааһан, кыайыыга эрэлэ күүстээх.
Эрхан Николаев - "Азия оҕолоро" спортивнай оонньуулар кыттыылааҕа: «Өлөөнтөн сылдьабын, 62 кг тустуохтаахпын. 3 күрэх ааспытым. Иккитэ бастакы миэстэ уонна үһүс миэстэ буолбутум».
Көҥүл тустуу урукку сылларга курдук “Азия оҕолорун” биир саамай элбэх күрэхтээччилээх көрүҥэ буолуоҕа. Тыҥааһыннаах киирсиилэр бэс ыйын 28, 29, 30 күннэригэр буолуо. Күүстээҕи көбүөр быһаарыа.