Олоҥхо ыһаыаҕар саха ох саатын оҥоруу уонна оҕунан ытыы күрэҕэ ыытыллар
Норуот маастара Николай Аржаков - Боло Уус Олоҥхо ыһыаҕар бараары бэринэр-тэринэр. Далла мэндэйии күрэххэ саха уустара бэйэлэрэ оҥорбут охторунан ытан күрэхтэһэллэр. Николай Николаевич быйылгы күрэххэ анаан бу турар икки оҕу оҥорбут. Оҥоһууларынан олох ураты уустук охтор. Өбүгэлэрбит былыр тутта сылдьыбыт сэбиргэллэрин сөргүтэн оҥорууга кини Саха түмэлигэр харайыыга сытар докумуоннарынан, экспонаттарынан сирдэппит.
Николай Аржаков, Боло Уус, норуот маастара: «Быйыл оҥорбут саам, Ярославскай пуондатыгар баар биир соҕотох саа. Кини 4 араҥаттан турар».
Онтон кирсин былыргылыы көтөх ынах тараһатын тириитинэн хатан оҥорбут. Боло Уус этэринэн, саха ох саата уустук оҥоһуулаах тэрил. История кэрэһэлииринэн 24 тус-туһунан кэрчиктэн турар кытта баар. Николай Николаевич ох историятын ымпыктаан-чымпыктаан үөрэтэр, сөргүтүүгэ күүскэ үлэлэһэ сылдьар киһи. Кини этэринэн хомус айыллыан инниттэн баар эбит, урут ох сааны оннооҕор хомус курдук тыас таһаарарга кытта тутталлар эбит. 2017 сылтан Боло уус көҕүлээһинэн Олоҥхо ыһыаҕар сыллата оҕу оҥорууга уонна оҕунан ырааҕы ытыыга күрэх ыытыллар.
Николай Аржаков, Боло Уус, норуот маастара: «2017 сыллаахха Ил түмэҥҥэ төгүрүк остуол ыыпыттара. Бүлүүгэ буолбут Олоҥхо ыһыаҕыттан саҕалаан бырагыраамматыгар киирбитэ».
Олоҥхо ыһыаҕар күрэх киириэҕиттэн ох сааны оҥорооччу кэлин сылларга элбээн иһэр диэн Боло уус астына кэпсиир. Муҥутаан 13 киһи кытта сылдьыбыт. Бу олус үчүгэй көрдөрүү. Ох сааны оҥоруу олус үлэлээх уонна үгүс бириэмэни эрэйэр. Маһын бэлэмнээһиниттэн саҕалаан кырата сыл курдук барар. Сүрүннээн кииллээх мас туһаныллар.
Николай Аржаков, Боло Уус, норуот маастара: «Иҥнэри үүммүт тиит. Сааһын икки ардыгар сымала симиллэр, кытаанах буолар».
Боло Уус туттар тэрилин барытын бэйэтэ туһанарга табыгастаах гына оҥорор. Холобур, бу ох саа төһө токуруйарын бэрэбиэркэлиир тэрили оҥорбут, 70 тиийдэҕинэ ырааҕы ытыыга барсар диэн сыаналанар. Николай Аржаков мастарыскыайа ити курдук бэйэ оҥоһуутунан толору. Манна остуол үрдүгэр турар ынах иҥиирин имитэр кып-кыра талкы кытта баар.