Улахан үүт кэмэ саҕаланна
Киллэм нэһилиэгэр баар "Туймаада" хаһаайыстыбаҕа сарсыардааҥҥы ыам. Ыанньыйбыт ынахтар биир биир үөрүйэхтик киирэн миэстэлэригэр тураллар. Сарсыарда биэстэн саҕалаан барыта икки сүүстэн тахса ынах манна киирэн ааһар. Хаһаайыстыбаҕа быйыл уларыйыы киирэн, хас биирдии ынах синньин анал уунан сууйаллар, онтон тус туһунан биирдии ынахха биирдии тирээпкэнэн сотоллор. Бу үлэни барытын икки ыанньыксыт толорор. Дьэ, ол кэннэ аппараат холбонноҕуна үрүҥ илгэ сүүрбүтүнэн барар.
Светлана Григорьева, "Туймаада" экоферма ыанньыксыта: "Биирдии ыанньыксыт аҕыстыы ынаҕы киллэрэбит. Онтон ыан бүтэн баран төһөнү биэрбиттэрин сурунан иһэбит. Үүттэрэ күөххэ тахсан дьэ эбиллэн эрэр".
Хаһаайыстыба толору механизированнай буолан үүт турба устун сүүрэн тута тымнытар сиргэ түһэр. Биир ынах төһө ыамы биэрбитэ утары учуоттана турар, аппарат үлэлээн бүттэ эрэ лиитэрэтэ тахсан кэлэр. Ону ыанньыксыттар хас биирди ынах көрдөрүүтүн сурунан ылаллар. Үүттээхтэр 7 лиитэрэттэн тахсаны биэрэллэр, онтон саҥа төрөөбүт туҥуйдар 3 лиитэрэни бэрсэллэр.
"Хаһаайыстыба бу күһүҥҥүттэн ынах эмиийин харыстааһыҥҥа саҥа ньыманы туһанар. Атын регион уопутун туһаммыттар. Ынах ыанан бүппүтүн кэннэ эмиийин хара суурадаһынынан сотоллор", - диэн корреспондент Мария Дмитриева ынах эмиийин саҥа ньыманан сотон көрө-көрө кэпсиир.
Оччоҕо синньи ыарыыта аҕыйыыр, эмиийдэрэ хайа барбат, сымнаҕас буолар. Саҥа ньыма туһатын күөххэ үктэммиттэрин кэннэ өссө төгүл сыаналаатылар, үлэһиттэр бары биһирээн сылдьаллар. Ыана охсон мэччирэҥҥэ бараары ынахтар хотон кэтэҕэр уочараттаан тураллар. Ынах үүтэ тылыгар, онон ыамҥа киириэхтэрин иннинэ комбикорм сиэтэллэр итиэннэ сиилэс үгүөрүтүк ордон сайыннары сиилэстэтэллэр. Бу барыта өлгөм үүтү сомсууга ананар.
Татьяна Иванова, "Туймаада" экоферма биригэдьиирэ: "Күн аайы 3 туонна үүтү Дьокуускайдааҕы үүт собуотугар туттара олоробут. Күҥҥэ иккитэ ыыбыт, 262 ынах ыанар. Быйыл кыһыны этэҥҥэ туораатыбыт, аспыт-үөлбүт барыта баар этэ. Төрүөх 93% ылан олоробут. Биэс ый түмүгүнэн үүппүт былаанын 112% толордубут".
Тумаадалар хас биирдии ыам кэннэ тирээпкэлэрин сууйтараллар онтон куурдаллар. Бу барыта хаачыстыбалаах ыраас үүтү соҕотуопкаҕа ыытар сыалтан. Оттон быйыл өрөспүүбүлүкэ үүтү тутууга 54.9 тыһыынча туонна былааннаах. Маныаха 3.5 миллиард солкуобай үп көрүллэн турар. Күн бүгүн 14140 туонна үүт туттарылынна. Мэҥэ Хаҥалас, Сунтаар, Амма, Горнай уонна Нам улуустара бастыҥ көрдөрүүлээхтэр, ыйдааҕы былааны куоһаран иһэллэр. 20 улууска 43 соҕотуопкалыыр тэрилтэ быһаарылынна, үбүлээһин улуустарга 45% тиийдэ. Бу ыйга 80% диэри тириэрдэр сорук турар.