Сомоҕолоһуу оһуохайыгар эргийдилэр
Дойдубут бэлиэ күнүгэр "Россия - мин историям" музейга "Россия-миру" диэн мультимедийнай быыстапка аһылынна. Тэрээһин үөрүүлээх аһыллыытыгар наука академиятыттан, общественнай тэрилтэлэртэн, оскуола үөрэнээччилэрэ кытыннылар. Быыстапка дойдубут улуу учуонайдарын айан, оҥорон таһаарбыт ситиһиилэрин туһунан кэрэһэлиир. Манна Ломоносовтан, Мнделеевтан саҕалаан күн бүгүнүгэр диэри аан дойду таһымыгар биллибит-көстүбүт учуонайдар, кинилэр уһулуччу арыйыылара аныгы олоххо хайдах сабыдыаллаабыттарын туһунан билсиэххэ сөп.
Айсен Габышев, "Россия - мин историям" музей научнай-сырдатар үлэтигэр методииһа: "Быыстапка үгүс өттө мультимедиа. Онон хас биирдии стендэ, татч-панель аайы биллэр-көстөр учуонайдар тустарынан сиһилии иһитиннэрии баар. Ону арыйан көрүөхтэрин сөп".
Мультимедийнай эскпозиция Санкт-Петербург куоракка таҥыллан регионнарынан тарҕанан дьон дьүүлүгэр турда. Быыстапка сайын устата үлэлиирэ күүтүллэр, онон бары дьиэ кэргэнинэн кэлэн сылдьарга ыҥыраллар. Бэс ыйын 12 күнэ Россияҕа икки историческай суолталаах.1990 сыллахха норуот депутаттарын сийиэһигэр, РСФСР эрдэҕинэ, суверенитет туһунан Декларацияны ылыммыттара, оттон оруобуна сыл ааһан баран Россияҕа аан бастакытын президент талыллыбыта. Борис Ельцин судаарыстыбаннай бырааһынньыгынан биллэрбитэ.Оттон 1998 сыллаахха бырааһынньыгы Россия күнүнэн ааттыырга быһаарбыттара, ол эрээри 2002 сыллааххтан биирдэ өрүүр бырааһынньык быһыытынан киирбитэ.
Саха сирэ 400-чэкэ сыл устата Россия судаарыстыбатын кытта бииргэ эҥэрдэһэн, быстыспат сорҕото буолан кэллэ. Өрөспүүбүлүкэбит 100-тэн тахса сыл анараа өттүгэр бэйэтин автономиятын ылыммыта. Россия күнүн регионнарга барытыгар бэлиэтииллэр. Дьокуускайга Ордоникидзе, Доҕордоһуу болуоссаттарыгар кэнсиэрдэр, быыстапкалар, аахсыйалар, маастар кылаастар буоллулар. Оттон бырааһынньык саамай бэлиэ түгэнинэн Сомоҕолоһуу оһуохайа буолла.
Сергей Местников, СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы: “Модун Россия күнэ бүгүн бэлиэтэнэр биһиги дойдубутугар, өрөспүүбүлүкэбитигэр улахан суолталаах. Биһиги дойдубутун кытта биир буоларбытын көрдөрөбүт, Россияҕа олорор норуоттары кытта биир сомоҕо буоларбытын көрдөрөбүт. Биһиги дойдубут күүһэ өссө да эбиллэн иһиэҕэ”.
Кэлбит дьон мустан, илии-илиилэриттэн ылсан күн үҥкүүтүттэн күүс-уох ылан улуу дойдубут сайдарын туһугар, оһуохайдаан ойдулар, эһиэхэйдээн тэйдилэр.