Үөрэнээччилэр спартакиадалара чаҕылхай спортсменнары таһаарда
Волейболга бастыыр иһин Нам уонна Таатта хамаандалара киирсэллэр. Үөрэнээччилэр спартакидаларын биир саамай быһаарыылаах түһүмэҕэ. Икки бастыҥ хамаанда бастыҥ оонньууну көрдөрөр, очукуо тэҥ тэҥэр. Онон тыҥааһын өссө сытыырхайар, ыалдьааччылар ыһыыларынан-хаһыыларынан уолаттарга көмө буолаллар.
Бүтэһик быһаарыылаах партияҕа таатталар илин түһэллэр, онтон намнар хаста да сытыытык быһан очуокуонан баһыйаллар. Итиэннэ үөрэнээччилэр спартакиадаларын быйылгы кыайыылааҕа буолаллар.
Демир Мыреев, СӨ үөрэнээччилэрин спартакиадатын кыайыылааҕа: "Оонньуу олус үчүгэйдик ааста. Иккис партиябыт олус тыҥааһыннаах буолла. Тэҥҥэ баран испиппит, онон Таатта хамаандатыгар махталбын биллэрэбин. Спартакиада олус үчүгэй тэрээһин буолла. Маннык күрэхтэһии оҕолорго баар буолбута бэртээхэй, кыра саастарыттан дьоҕурдаах оҕолору таба көрөн сайыннарыахха сөп дии саныыбын".
Ити курдук чаҕылхай спортменнар сыл саҥатыттан барыта 29 көрүҥҥэ уонна финалга 9 көрүҥҥэ түөрт күн устата кииристилэр. Кыайыылаахтары чиэстээһин сабыллыы үөрүүлээх тэрээһинигэр барда. Манна кыайыы-хотуу өрөгөйдөннө, ситиһиилээх ыччаттарга эҕэрдэ тыла этилиннэ. Кыайыылаахтары Саха сирин бастыҥ спортменнара наҕараадалаатылар, анал мэтээли кытары спартакиада бэлиэтин бэдэр оонньууру туттардылар.
Антон Григорьев, СӨ үөрэнээччилэрин спартакиадатын көҥүл тустууга кыайыылааҕа: "Иккиспин кытынным уонна иккиспин бастаатым. Үчүгэйдик туһуннум дии саныыбын бэйэбин, бырыыҥҥы чемпион буоламмын эрэллээхтик киирсибитим. Саамай ыарахан киирсиим финал этэ. Онно Ньурба уолун кыайбытым".
Маннык улахан далааһыннаах спартакиада тохтуу сылдьан баран былырыын сөргүтүллүбүтэ. Быйыл былырыыҥҥытааҕар элбэх оҕо кытынна. Ол курдук бары улуустан 69 тыһыынчаттан тахса үөрэнээччи кытынна. Бары көрүҥ түмүгүнэн Кэбээйи улууһа үһүс бөлөххө бастыҥ буолары ситистэ. Оттон Дьокуускай хамаандата эмиэ бэйэтин бөлөҕөр инники күөҥҥэ таҕыста. Иккис бөлөххө Чурапчы улууһа бары көрүҥҥэ бириистээх миэстэҕэ тиксэн бастаата. Оттон Өлөөн хоту улуустарга кыайыылаах буолла.
Альберт Бродников, Чурапчы улууһун тренерэ: "Баһылыкпыт Степан Саргыдаев өйөбүлүнэн бастаатыбыт. Холобур, былырыын ахсыс миэстэ буолбут буоллахпытына быйыл кыайдыбыт. Чурапчы улууһа туох баар көрүҥҥэ үс иһигэр киирэммит, мэтээл бөҕө кэлэн, оҕолор үөрүү-көтүү бөҕө".
Бастаабыт хамаандалар 250 тыһыынча солкуобайдаах сертификатынан наҕараадаланнылар. Бу маны спорт тэрилин ыларга анаан туттардылар. Маны сэргэ быйылгы сыл биир сүрүн уратыта бастыҥ тренеры бириэмийэлээһин. 31 уһуйааччыга 100 тыһыынча туттарылынна.
Сергей Местников, СӨ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин солбуйааччы: "Сыллата ыытыллыаҕа бу спартакиада. Биһиги сүрүн сыалбыт-сорукпут оҕо спордун сайыннарыы, оҕо бигэ туруктаах буолуутун, оҕо эт-хаан өттүнэн бэлэмнээҕин ситиһии буолар. Маны сыл аайы эрэ ыыттахпытына ситиһэбит. Тренердэри бириэмийэлээһин эмиэ сыллата ыытыллыаҕа".
Оҕону эт-хаан өттүнэн сайыннарыыга уонна чаҕылхай спорменнары сүүмэрдээһиҥҥэ туһуланар күрэх үрдүк таһымҥа ааспытын бэлиэтээтилэр.