Николай Тарскай 100 сылыгар аналлаах ыһыах дойдутугар ыытылынна

73

Үрдүк Айыылартан көҥүл ылан, үрүҥ тунах Ыһыах арыллыытын сиэрэ-туома саҕаланар.  Өбүгэ сиэринэн уот иччитин Хатан Тэмиэрийэни күндүлээн, Ытык Баатаҕай сиригэр-уотугар Николай Тарскайга анаммыт ыһыах арыллар.

«Николай Тарскайга анаммыт ыһыах спортивнай хабааннаахтык ааһар. Ол курдук кэлбит ыалдьыттар парадтаан киирэллэр», - диэн корреспонден Анастасия Добрянцева кэпсиир.

Николай Николаевич Тарский – бөдөҥ судаарыстыбаннай уонна общественнай деятель, Саха сиригэр спорт бүттүүн хамсааһынын тэрийээччи, өрөспүүбүлүкэҕэ көҥүл тустууну төрүттээччи, ССРС физическэй култуураҕа туйгуна 1924 сыллаахха Уус Алдан улууһун Баатаҕайын Чараҥайыгар күн сирин көрбүтэ. Төһө да кылгас олоҕу олордор, Николай Николаевич спорт сайдыытыгар сүҥкэн кылааты киллэрбитэ. Кини аатын үйэтитэргэ, үбүлүөйдээх сылынан "Саргыбыт салыллынна, өрөгөйбүт үрдээтэ" диэн ааттаах Өрөспүбүлүкэтээҕи ыһыах спорду сэҥээрээччилэри түмтэ.

Бу күн кини аатын сүгэр оскуола таһыгар мэҥэ таас үөрүүлээх быһыыга-майгыга арыллынна. Бюст арыллыытыгар Бырабыыталыстыба Бэрэссэдээтилин солбуйааччы Сергей Местников, улуус аҕа баһылыга Василий Аммосов уонна да атын үрдүк сололоох дьон ыалдьыттаатылар уонна  Николай Тарский үөлэннээхтэрэ, аймахтара, үөрэнээччилэрэ, бииргэ үлэлээбит дьоно.

Афанасий Алексеев, РФ,СӨ физическэй култууратын үтүөлээх үлэһитэ: "Николай Николаевичтыын тэҥҥэ сүбэлэһэн үлэлиир этибит. Оччолорго мин улуус спорткэмитиэтин салайан олорбутум. Кини сүрдээх өйдөөх тыллаах-өстөөх, ырааҕы өтө көрөр, буола турары барытын билэр киһи этэ. Олимпиадаҕа саха ыччаттара тахсыахтара диэн куруук этэр буолара. Биһиги кининэн киэн туттар этибит. Миниистирдэр сэбиэттэрин бэрэссэдээтэлинэн кэлиэ диэбиттэрэ, оччоҕо спорт өссө сайдыа диэн сүрдээҕин кэтэспиппит. Ол гынан баран олоҕо кылгас буолан биэрдэ".

Николай Тарский бюһун скульптор Геннадий Оллонов чочуйан  таһаарбыт. Кэлбит ыалдьыттар мэҥэ таас олус табыллыбытын, үкчү маарынныырын бигэрэгэттилэр. Маныаха бу күн Баатаҕай олохтоохторо үөрүүлээх сонуну иһиттилэр. Николай Тарский аатынан орто оскуола саҥалыы тыыннанарын.

Василий Аммосов, "Уус-Алдан улууһа" МТ баһылыга: "Сүбэлэһии мунньах ыытан аастыбыт. Олохтоохтор сүрүннээн ититии уонна оскуола боппуруоһун туруораллар. Саҥа таас оскуола тутуутун бырайыактыыр үлэтэ саҕаланна диэн этиэхпин баҕарабын. Онон эрэл баар инники өттүгэр Баатаҕай нэһилиэгэ сайдыаҕа диэн".

Бэлиэ күҥҥэ атыы-тутуу, быыстапка, саҥа бэчээттэнэн тахсыбыт кинигэ сүрэхтэннэ. Кэнсиэр, илии-атах оонньуулара ыытылыннылар. Быыппастар быччыҥнаах боотурдар, биллиилээх артыыстар кыттыыны ыллылар. Оттон Николай Тарский үбүлүөйдээх тэрээһиннэрэ төгүрүк сыл устата төрөөбүт улууһугар итэннэ киин куоракка ыытыллыахтара.