Үөрэнээччилэр спартакиадалара бастыҥнары сүүмэрдиир
Саха сирин үөрэнээччилэригэр саамай далааһыннаах спортивнай күрэх үөрүүлээх аһыллыытыгар финалга киирбит оҕолор муһуннулар. "Доҕордоһуу болуоссата" бу күн 1700 оҕону уонна кинилэр тренердэрин батарда. Эдэр спортменнарга тэрээһин дьаралыга – бэдэр кыайыыны-хотууну баҕарда, оҕолорго бырааһынньык настарыанньатын бэлэхтээтэ. Оттон хас биирдии улуус бэйэтин дьаралыгын, былааҕын өрө тутан кыайыыга-хотууга бэлэмнэрин биллэрдилэр.
Спартакиада биир саамай элбэх кыттааччылаах көрүҥэ көҥүл тустуу. Барыта 284 бөҕөс киирсэр. Уолаттар 11 ыйааһыҥҥа, оттон кыргыттар 4 ыйааһыҥҥа икки көбүөрүнэн тусталлар. Бастакы эргиир хаһан баҕарар саамай быһаарыылаах, онон тыҥааһын сытыырхайар, оҕолор туох баар күүстэрин-уохтарын ууран туран киирсэллэр. Күөх муннуктан 71 киилэҕэ Үөһээ Бүлүү бөҕөһө Денис Потапов киирсэр. Кини утарсааччытын кытта тэҥ баайылаах спортменнара тута көстөр, түмүккэ Денис сыралаһан туран кыайар.
Денис Потапов, СӨ үөрэнээччилэрин спартакиадатын кыттыылааҕа: "Бастакы эргиири аастым. Онтон иккискэ Чурапчы уолун кытта киирсиэхтээхпин".
Өрөспүүбүлһкэ таһымнаах күрэххэ улуустар бары кытталлар. Көҥүл тустууга бастакы күн түмүгүнэн хамаандаларга быһарыы тахсар. Онон саала иһэ тыҥааһыннаах киирсиилэринэн оргуйан олорор. Ыраах Эбээн бытантай улууһуттан тренер Петр Стручков 6 оҕону туһуннара аҕалбыт.
Петр Стручков, Эбээн Бытантай улууһун көҥүл тустууга тренерэ: "Олимпиада кэриэтэ улахан таһымнаах, суолталаах күрэхтэһии үөрэнээччилэргэ. Барыта 6 оҕону тустууга аҕаллым. Дьэ, хайаһабыт. Биир оҕом хоттордо, атыттар ааспыттара".
Ити этиллибит 29 көрүҥтэн тоҕуһа, түмүктүүр түһүмэҕэ Дьокуускайга уонна Бэрдьигэстээххэ ыытылла турар. Оттон боксаҕа 170 тахса эдэр спортмен киирсэ сылдьар. Бу көрүҥҥэ бастыҥы быһаарыы 5 күн устата барыаҕа. Петров Арсланбек Дьокуускай хамаандатын бэрэстэбиитэлэ Ньурба спортменын кытта финалга киириигэ биир бастыҥ киирсиини көрдөрдүлэр.
Арсланбек Петров, СӨ үөрэнээччилэрин спартакиадатын кыттыылааҕа: "Уҥуоҕум кыра буолан бастакы нүөмэринэн үлэлээбитим. Кини оҕустаҕына аһаран биэрэ-биэрэ киирдим. Онон кыайдым".
Бастыҥ спортменнар уонна кыайыылаах хамаандалар ааттара бүгүн бэнидиэнньиккэ биллиэҕэ.