Көрбөттөр уопсастыбалара саҥа дьиэлэннэ
Долгутуулаах, кэтэһиилээх саҥа кииннэригэр көһөн, Роман Николаев уонна Константин Шишигин үөрүүлэрэ үксээн турар. Иккиэн төрүөхтэриттэн харахтарынан инбэлииттэр. Былырыыҥҥыттан ыла маннык түмсэр киин баарын билэн күн аайы кэлэн дьарыктаналлар уонна биир кыһалҕалаах дьонноругар сүбэ-ама көмө буолаллар. Эдэр уолаттар өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн ыытыллар күрэхтэргэ кыттан, бэйэлэрин кэккэлэригэр бастыҥынан биллэллэр. Бу кииҥҥэ тугунан дьарыктаналларын туһунан мэтэдьиис кэпсээтэ.
Светлана Иванова, Дьокуускайдааҕы көрбөттөр кииннэрин мэтэдьииһэ: "Өрөспүүбүлүкэ хабааннаах комплек буолан өрөспүүлүкэ таһымнаах тэрээһиннэри ыытабын. Улуустарга бэйэлэрин иһигэр күрэхтэргэ кыайбыттар манна кэлэн кытталлар. Кыбаартан аайы биирдии улахан тэрээһини ыытабыт".
Киин урукку дьиэтэ самнан түһээри турар, хараҥа мас дьиэ этэ. Хас эмэ уонунан сылы быһа көрбөттөр кулууптарын бэрэссэдээтэлэ Ибрагим Ишниязов министиэристибэлэргэ сурук түһэрэн, көрдөһөр этэ, оттон кэмигэр сөптөөх үп-харчы көрүллүбэккэ, инвестордарга тахсан үйэ аҥаардаах сыалын ситэн үөрэн турар. Көрбөттөр кыһалҕаларын өйдөөн, саҥа икки этээстээх 445 кв миэтэрэлээх дьиэ туттардылар. Күлүүстэрин олунньу ыйга ылан, билигин номнуо үлэлэрин сыыйа саҕалаан эрэллэр.
Ибрагим Ишниязов, Дьокуускайдааҕы көрбөттөр кулууптарын бэрэссэдээтэлэ: "Үлэ министиэристибэтэ биһиэхэ көмөлөһөр. Араас хабааннаах тэрээһиннэри ыытабыт. Дуобакка үөрэтэргэ уонна ыраҕа уһуйарга үлэһит наада. Онуоха штат көстөрүгэр харчы наада. Боппуруоһу спорт уонна үлэ министиэристибэлэригэр туруорабыт".
Сааһыттан тутулуга суох ким баҕалаах кэлэн дьарыктаныан сөп. Ырыа, фольклор, дуобат, саахымат уонна да көрүҥнэргэ идэлээх үлэһиттэргэ дьарыктаналлар. Бу кулууп үбүлүөйдээх сылын бэлиэтии өрөспүүбүлүкэ бары муннуктарын кэрийэр. Бүлүү бөлөх, киин, илин эҥээр улуустарыгар сылдьан бэстибээл тэрийэн кыайыылаахтары быһаараллар, оттон балаҕан ыйыгар Алдаҥҥа уонна Ленскэйгэ тэринэн барыахтара. Кыайыылаахтары ахсынньы ыйга ыҥыран биир уопсай тэрээһини былаанныыллар.
Ольга Владимирова, Хаҥалас улууһун көрбөттөр түмсүүлэрин бэрэссэдээтэлэ: "Комплек күүппүппүт ыраатта. Саҥа дьиэбит олус үчүгэй. Ибрагим Михайлович сүүрэн-көтөн ситистэ. Онтон биһиги наһаа үөрэбит уонна махтанабыт".
Сайыҥҥы кэмҥэ бары сынньалаҥҥа барар буолан, билигин дьарыктанар дьон ахсаана аҕыйах. Күһүҥҥүттэн үлэлэрэ күөстүү оргуйан саҥа үлэ дьылын арыйыахтара. Оттон Дьокуускайга сайылааччылар кэлэн сиһилии билсиэхтэрин сөп.