Хонуу луугун хомуйуу үгэнэ
81 хаарын улларбыт Тулагы-Киллэм ытык кырдьаҕаһа Михайлова Матрена Самсоновна тэтиэнэхтик туттан-хаптан луук хомуйар. Айылҕалыын алтыһар кэм тосхойбутуттан кырдьаҕас киһи олус үөрэр. Күннээх Күөрээйики Тулагы-Киллэм ытык туонатыгар, быйылгы сааскы халаан нэлэмэн хонууну уунан кутан, күөх луук, көҥдөйө да, чучунааҕа да дэлэйдик тахсыбыта бэлиэтэнэр.
«Чахчы, сир аһа өлгөмнүк үүммүтүн, сылгы ньургуһуннара тыалга охсуллан суугунуу тураллара туоһулуур. Мин луугу ордорон ылгыыбын уонна кииһилэ хомуйан барыанньалыыбын. Хонууга сылдьарбын уруккуттан сөбүлүүбүн. Оҕолорбун эмиэ оннук үөрэппитим, батыһыннара сылдьар этим. Атыыга луук хомуйан ыһыахтыыр харчыларын оҥостооччулар», - диэн Матрена Самсоновна кэпсиир.
Саха сиригэр бэс ыйын саҥатыттан луук үүнэн саҕалыыр. Биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр күөх луук 2 көрүҥэ үүнэр. Маҥнайгы бөлөххө - ходуһаҕа, хомоҕо, өрүс кытыыларыгар үүнэр, норуокка этиллэринии, көҥдөй, оттон билим тылынан лук-скорода буолар, онтон иккис, амтанныын да минньигэс, алаас сүмэһиннээх ото – чучунаах буолар.
«Айылҕа бастакы бэлэҕин үрэх үрдүгэр ылгыы сылдьабыт. Манна ордук көҥдөй луук үүнэр. Аҕыйах мүнүүтэ иһэр биир ытыс луугу хомуйа оҕустум», - диэн корреспондент Анастасия Добрянцева үргээбит луугун көрөдөрөр.
Биологтар, билим үлэһиттэрэ бэлиэтиллэринэн, үгүс сир аһыттан саамай үтүмэн битэмииннээх үүнээйинэн луук буолар. Ис-үөс ыарыыларыттан саҕалаан, сүрэх уопсай туругун кытары чэбдигирдэр. Күөх луукка магний, калий, йод минерааллара үгүстэр. Онон эмчиттэр да бу көрүҥ сир аһын харса суох сииргэ ыҥыраллар.
Идэтинэн медик, эмиэ Тулагы-Киллэм олохтооҕо, Матрена Михайловналыын бүгүн луук хомуйа кэлбит Анита Ивановна Павлова эмиэ чучунааҕы харса суох сииргэ ыҥырар.Кини эмиэ кыра эрдэҕиттэн луук хомуйарын олус сөбүлүүр, бу кэми олус көһүтэр эбит.
Анита Павлова, Тулагы-Киллэм нэһилиэгин олохтооҕо: «Медик киһи быһыытынан луук туһатын билэн бөҕө буоллаҕа. Оҕо эрдэхпинэ ийэбин, аҕабын, эбэбин, эһэбин батыһа сылдьан үргүүр этим. Ол иһин билэбит, олус ыраастык үргүүбүт, илдьээт да кырбыыбыт. Тоҥорон хаһаанабын, онтум кыһын сип-сибиэһэй буолар».
Билигин айылҕа лууга ситэн, сүмэһинин иҥэринэн турар кэмэ. Онон унньулҕаннах уһун кыһын кэнниттэн айылҕалыын алтыһар кэм үүнэн, сир аһын хомуйуу маҥнайгы кэрдииһэ үүннэҕэ.