Саха сиригэр дьоҕус уу аалларыгар навигация кэмэ арылынна

109

Амма, Нам, Чурапчы, Таатта, Ленскэй, Олүөхумэ, Алдан, Нерюнгри, Хаҥалас, Мэҥэ-Хаҥалас, Горнай, Томпо, Кэбээйи уонна Бүлүү бөлөх улуустарыгар итиэннэ Жатай, Дьокуускай куорат уокуруктарын суудунаны ыытааччыларыгар уопсайа 22 муниципальнай тэриллиилэргэ кыра кээмэйдэх уу аалынан айан сырыыта саҕаланна. Бу кэмтэн ыла мотуор ааллаах дьон-сэргэ, урбаан-эргиэн сыалыгар буолбакка, ирдэбили, быраабыланы тутуһан айанныахтарын сөп.

Сырыы саҕаланан, тустаах биэдэмистибэ инспиэктэрдэрэ профилактическай-оперативнай тэрээһиннэрин күүһүртүлэр. Холобура, навигация күнүн арыллыытыгар Дьокуускайдааҕы өрүс пуордуттан Өлүөнэ эбэҕэ ыксаллаах быһыы-майгы министиэристибэтин үлэһиттэрин уонна ис дьыала уорганын, тыраанспар полициятын бэрэстэбиитэлэ холбоһуктаах бэрэбиэркэтэ ааста. Рейдэ саҕаланыытыгар тутатына суудунаны ыытааччы тохтотуллан, уу аала, докумуона бэрэбиэркэлэннэ.

Манна даҕатан эттэххэ, алын суудуналарга уунан сырыы кэмэ бэс ыйын 12 күнүттэн Өймөкөөн, Муома, Дьааҥы, Усуйаана, Аллараа Халыма, Орто Халыма, Эдьигээн уонна Өлөөн улуустарыгар арыллыаҕа, салгыы бэс ыйын 17 күнүттэн Абый, Аллайыаха, Анаабыр оройуоннарыгар уонна саамай бүтэһик Булун улууһугар бэс ыйын 25 күнүгэр сырыы саҕалыныа.

Татьяна Степанова,  РФ ЫБММ салалтатын СӨ уу эбийиэктэригэр куттал суох буолуутун хааччыйар салаа салайааччытын солбуйааччы: «Күн ахсын ГИМС инспиэктэрдэрэ уу эбийиэктэригэр рейдэлииллэр, профилактика үлэтин ыыталлар. Уу быраабылатын кэһээччилэр административнай эппитинэскэ тардылаллар. Бүгүҥҥү күҥҥэ 30-ча боротокуол туолан турар. Убаастабыллаах суоппардар, уу суола арылла илигинэ айаннаамаҥ, докумуоннаргытын илдьэ сылдьыҥ, айанныаххыт иннинэ суудунаҕыт туругун көрүнүҥ, хас биирдии киһи быыһыыр сэлиэттээх буолуохтааҕын умнумаҥ. Быраабылалары булгуччу тутуһун, ууга сэрэхтээх буолуҥ».

Ууга тахсыах иннинэ суудунаны ыытааччылар инспекцияҕа тиийэн уу аалын ыытарга мэктиэ суругу ылыахтарын наада диэн инспиэктэрдэр иһитиннэрэллэр. Мотуордаах уу аалларын көрүнүөхтэрин, сэлиэттэрин булгуччу баар оҥоруохтаахтар. 

Виталий Осипов, РФ ЫБММ салалтатын СӨ уу эбийиэктэригэр куттал суох буолуутун хааччыйар салаа старшай инспиэктэрэ: «Также рейды проводились на аэролодке, которая может передвигаться как по льду, так и по воде. В условиях ограничения, в закрытые сроки навигации инспектора ГИМС регулярно проводили рейды, информировали в СМИ, как это сейчас проводиться и информировали население о открытии навигации».

Күн өрүү-өрүү төһө да маннык рейдэлэр ыытыллыбыттарын үрдүнэн, уу эбийиэктэригэр араас оһоллор тахса тураллар. Онон суудунаны ыытааччылар уонна олорсо сылдьааччылар ууга сэрэхтээх буоларгыт булгуччулаах диэн инспиэктэрдэр тоһоҕолоон этэллэр.