Саха сиригэр быһа холоон 30-ча тыһыынча гектар иэннээх сиргэ ойуур умайар
Сайын саҕаланаатын кытары Сахабыт сирин хара тыата, ойуура уот аһылыга буолар. Өҥүрүк куйаас күннэр тураннар Өрөспүүбүлүкэ хас да улууһагар баһаар уота туран нэһилиэнньэ тыаҕа тахсыыта бобулунна. Ленскэй, Сунтаар, Таатта, Томпо, Дьааҥы, Орто Халыма улуустарыгар ураты баһаарынай эрэсиим биллэрилиннэ.
Николай Никитин, СӨ экология, айылҕаны туһаныы уонна ойуур хаһаайыстыбатын министиэристибэтин ойууру чөлүгэр түһэрии уонна харыстааһын департаменын салайааччыта: «Билиҥҥи туругунан 58 ойуур баһаара тахсыбыта бэлиэтэнэр 28900 га кэриҥэ иэннээх сиргэ. Умулларыы үлэтэ 16 баһаарга буола турар, 19 тыһ. га иэннээх сиргэ. Баһаардарга 448 киһи үлэлии сылдьар, ону тэҥэ 51 тиэхиникэ. Бу сарсыардааҥҥы түмүгүнэн 4 баһаар умулларынна, 1700 га. сиргэ».
Өлүөхүмэ улууһугар балаһыанньа кытаатар. Күн бэҕэһээ баһаар ахсаана эмискэччи улаатан ыксаллаах быһыы-майгы эрэсиимэ олохтонно. Олохтоохтор уонна тустаах исписэлиистэр бары күүһү баһаар уотун умулларыыга, айылҕа күүһүн бохсууга уураллар.
Родион Калинов, Өлүөхүмэ улууһун ойуур хаһаайыстыбатын салалтатын учаастактааҕы лесничэйэ: «Бэс ыйын 3 күн туругунан Өлүөхүмэ оройуонугар 5 тыа баһаарын умулларыытын үлэтэ бара турар. Уопсай иэнэ 12072 га, баһаары умулларыыга 204 тыа хаһаайыстыбатын исписэлиистэрэ, 2 бөртөлүөт үлэлиир».
Киэҥ иэннээх Сахабыт сирин айылҕата сыллата уот куйаас салгынтан, киһи сэрэҕэ суох сыһыаныттан тыһыынчаннан гектардаах сиргэ тайаан сытар ойуура умайар. Быйыл даҕаны күнү-дьылы кэтээччилэр сылыктыылларынан итии, сөҥүүтэ аҕыйах сайын кэллэ дэһэллэр. Онон балаһыанньаны өссө уустугурар.
Сайын саҕаланыыта тахсыбыт баһаар барыта кэриэтэ киһи буруйуттан тахсар диэн исписэлиистэр этэллэр. Ол эрэн өҥүрүк куйаас күннэргэ этиҥнээх былыт, чаҕылҕан түстэҕинэ киһи сатаан да тиийбэт сирдэригэр уот туран кыһалҕа кытаатар, айылҕа айгырыыр.
Николай Никитин, СӨ экология, айылҕаны туһаныы уонна ойуур хаһаайыстыбатын министиэристибэтин ойууру чөлүгэр түһэрии уонна харыстааһын департаменын салайааччыта: «Алда уонна Томпо улахан баһаардардаахпыт. Алдаҥҥа баһаардар ыраах тэйиччи уонна хайалаах сирдэргэ, дьоннор үлэлии сылдьаллар, тиэхиникэ тиийбэт сатаан. Ол иһин умулларыы үлэтэ бытаан соҕус. Ону тэҥэ ардах түһэрэ күүтүллүбэккэ турар, күүстээх тыаллар уонна сылаас халлаан турар».
Бэс ыйын 3-с күнүнээҕи туругунан өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 24 ойуур баһаара баара биллэр. Манна 27 тыһыынчаттан тахса гектар иэннээх сиргэй ойуур умайар. 600-тэн тахса идэтийбит баһаары умулларааччы үлэлиир. Баһаарга уопсайа 21 сөмөлүөт үлэлиир, ол иһигэр 17 сөмөлүөт кэтээн көрүүгэ уонна 4-дэ уоту умулларыыга сылдьаллар.