Дьокуускайга табахтан аккастаныы күнүгэр анаммыт аахсыйа буолла
Аан дойдутааҕы табахтан аккастаныы күнүгэр анаммыт аахсыйа быйыл Дьокуускайга Орджоникидзе болуоссатыгар биир улахан тэрээһин быһыытынан барда. Хас кэлбит киһи дабылыаньатын, хараҕын бэрэбиэркэлэтэр кыахтанна. Ону тэҥэ араас эчэийилэргэ, ыарыыга бастакы көмөнү оҥоруу үөрүйэхтэрин туһунан билистэ. Айхаана Федорова - медицинэ коллеһын устудьуона киһи хаана бардаҕына булгуччу жгут биитэр бобо тутар матырыйаалынан бааныан сөп диэн этэр.
Айхаана Фёдорова, Дьокуускайдааҕы медицинэ коллеһын устудьуона: «Артериальнай хааны тохтотууга жгут туттуллар. Жгут арааһа баар: Эсмарха, альфа уонна эриллэр. Эриллэр жгуту таҥас уонна мас баар буоллаҕына бэйэҥ оҥостуоххун сөп».
Тэрээһин ордук ыччат дьоҥҥо, оҕолорго ананна. Онон медицинскэй тэрилтэлэртэн, үөрэх кыһаларыттан, общественнай тэрилтэлэртэн кэлэн араас маастар-кылаастары, үөрэхтэри көрдөрдүлэр, оонньуулары тэрийдилэр. Маны тэҥэ кэлбит дьоҥҥо анаан оҕо, ыччат түмсүүлэрэ кыттыылаах кэнсиэр ыытылынна. Сүрүн сыал эдэр дьон доруобуйаларыгар болҕомто уураллара буолар.
Дьулустаан Чичахов, СӨ медицинскэй өҥөнү тэрийэр департамент салайааччыта: «Бу манна оҕолорго табахтыыр уонна никотин туох куһаҕанын быһаарабыт».
Табах Аан дойду үрдүнэн элбэх хроническай ыарыыны көбүтэр, организм мөлтүүрүгэр куһаҕан дьайыылаах дьаллык буолар. Билигин ыччат ортотугар киэҥник тарҕамыт электроннай сигарета доруобуйаҕа содула дакаастанан турар. Онон хас биирдии киһи хайа да сааһыгар сылдьан табахтыыр буоллаҕына табаҕыттан аккасстанан доруобуйатын чөлүгэр түһэрэр кыахтаах.
Анна Егорова, Дьокускайдааҕы суһал көмө станциятын фельдшера: «Табах эдэр дьоҥҥо куһаҕаннык дьайар. Тыҥаҕа, сүрэх ситимигэр куһаҕаннык дьайар. Ол иһин эдэр дьон табахтан аккаастанан чөл олоххо барыахтарын наада».
Өрөспүүбүлүкэтээҕи харах балыыһатын көһө сылдьар мобильнай комплекса бу күн эмиэ үлэтэлээтэ. Харах ыарыыта саастаах дьон ортотугар киэҥник бэлиэтэнэр, итиэннэ балыыһаҕа бэйэтигэр көрдөрүнүү элбэх бириэмэни эрэйэр буолан хас биирдии киһи маннык түргэн тэрээһиннэри сэргиир.
Дария Бугаева, Дьокуускай олохтооҕо: «Мин харахпын сыл аайы көрдөрөбүн. Быраастарга махтанабын».
Валентина Попова, Мирнэй улууһун олохтооҕо: «Мирнэйгэ көмө ылар ыарахан, ол иһин интириэһиргээн кэллим».
Куорат олохтооҕо Ньургуйаана Пинигина оҕолорун аҕалан харахтарын туругун бэрэбиэркэлэттэ. Билигин улаатан эрэр оҕолор ортолоругар харах мөлтөөһүнэ киэҥник тэнийдэ, онон эрдэттэн көрүнэр ордук диэн ийэ санаатын үллэстэр.
Ньургуйаана Пинигина, Дьокуускай олохтооҕо: «Билигин харах ыарыыта олоххо наһаа элбээтэ, бары төлөпүөҥҥэ олорор буоланнар. Харахпытын харыстыахха наада диэн сыаллах соруктаах кэлэн сылдьабыт».
Чэгиэн турук – киһи солбуллубат баайа. Онон доруобуйаҥ бэйэҥ илиигэр буоларынан, ыарыыны эмтиэхтээҕэр сэрэтэр оруннааҕын, хас биирдиибит өйдүөх тустаах.