Дьокуускайга Оҕо көмүскэлин күнүгэр араас тэрээһиннэр ыытылыннылар
Үҥкүү-битии, ырыа-тойук барыта бу күн оҕолорго ананна. Сүргэ көтөҕүүлээх сайыҥҥы сайаҕас салгыҥҥа оҕо-аймах сүүрэн-көтөн, көрүлээтэ. Бэлиэ бырааһынньыгы баттаһа саҥардыы арыллыбыт киин куорат паарката өрүүтүн буоларын курдук оҕо көмүскэлин бырааһынньыгын сүрүн түһүлгэтинэн буолла.
Оҕолор өрүү буоларын курдук үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ мустубут дьоҥҥо эҕэрдэ кэнсиэртэрин көрдөрдүлэр. Хаһааҥҥытааҕар да элбэх киһи мустан кырачаан оҕолор дьоллоох оҕо саастарыгар биир умнуллубут чаҕылхай күнү бэлэхтээтилэр. Хас да былаһаакканан оонньуур, сынньанар сир тэриллиннэ.
Дьон-норуот иннигэр тахсан саҥардыы 14 саастарын туолбут оҕолорго модун Арассыыйа олохтооҕо буолалларын туоһулуур сүдү докумуоннарын паспоры үөрүүлээх быһыыга-майгыга туттардылар. Андаҕар тыл этэн туран, бырабыытылыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччытыттан Ольга Балабкина илиититтэн тутан үөрүүлэрэ өссө үксээтэ.
Ольга Балабкина, СӨ бырабыытылыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы: «Паспорта будут вручаться лучшим ребятам. Это те, кто проявил себя в течении этого года. Это традиция. Следующее вручение у нас всегда ознаменована к датам. Следующее вручение будет 27 сентября».
"Бастыҥнар хамсааһыннара" уопсастыбыннай тэрилтэ бэстибээлигэр Өрөспүүбүлүкэ оҕолорун бүттүүнэ кыттыбытыттан үһүс бочуоттаах миэстэҕэ хотун дойду хоһуун оҕолоро, Эбээн бытантай улууһун үөрэнээччилэрэ буоллулар. Ураты, саҥа сүүрээннээх бырайыагы көмүскээн бастыҥнар истэригэр киирдилэр.
Северьяна Потапова, Саккырыыр орто оскуолатын 10-с кылааһын үөрэнээччитэ: «25 салааттан 3 миэстэ буолар диэн ситиһии. Соһуччу, миэстэлэһиэхпит диэн санаан да көрбөтөхпүт».
Нарыйа Портнягина: «5 буолан кыттыбыппыт, ыраах олорор буоламмыт 3 буолан кэллибит».
Өссө биир улахан бырааһынньык түһүлгэтинэн доруобуйаларынан хааччахтаах оҕолорго анаммыт тэрээһин буолла. "Лучики света" общественнай тэрээһин өрөспүүбүлүкэ 200-тэн тахса оҕотун түмэр.
Бэлиэ күнү үбүлүөйдээх сылларыгар анаан уруйдуу-айхаллыы 30-тан тахса оҕо кэлэн оҕо саас биир чаҕылхай күнүн көрүстэ. Оонньоон-көрүлээн бары да дуоһуйа сынньаннылар.
Виктория Матвеева-Егорова, "Лучики света" уопсастыбыннай тэрилтэ актыбыыһа: «Биһиэхэ тэрээһиммит өйөбүл көмөтүнэн оҥоһулунна. Доруобуйаларыгар хааччахтаах оҕолору биһи тэрилтэбит түмэр».
Бу орто дойдуга олох кэрэтин, үөрүүтүн билээри кэлбит кырачаан дьоннорго олохторугар биир умнуллубут түгэн. Оҕо саас сылыгар оҕо күнэ киэҥ далааһыннаахтык ыытылынна.