СӨ норуотун маастара Анисия Фадеева саха маанылаах таҥаһын сөргүтүүнэн дьарыктанар

152

Хаҥалас улууһун Өктөмүттэн төрүттээх билигин Покровскай куорат олохтооҕо Анисия Фадеева Саха сирин, Хаҥалас улууһун норуотун маастара, уус-уран оҥоһуктар маастара үйэтин тухары иис эйгэтигэр үлэлээн-хамнаан кэллэ. Билигин даҕаны олоҕун сүрүн дьарыгын ыһыктыбакка, иистэнэ сылдьар. Анисия Кузьминична саха чулуу учуонайа, этнограф Гаврил Ксенофонтов дьиэ кэргэнин мааны таҥаһын сөргүтүүнэн ылсан дьарыктанар.

Анисия Фадеева, СӨ норуот маастара: «Мусуойдарга көрөн, хаартыскалары сыымайдаан сөргүтэргэ ылыммытым. Туох таҥастан, хайдах тигиллэрин өр үөрэппитим».

Ксенофонтовтар дьиэ кэргэн сахалыы төрүт таҥастара төрүт халадаайдартан быһыыларынан, тигиилэринэн, киэргэтиитигэр уратылаах диэн маастар кэпсиир. Ол курдук халадаайдара икки ярустаах, хачыаччыктара бейка диэн киллэһиктээх, уонна хайаан даҕаны түөстэригэр жабо киэргэллээх буолар. Анисия Кузминична быйылгы ыһыахтары көрсө 7 стилизованнай халадаай кэллиэксиэйтин бэлэмнээн олорор.

Анисия Фадеева, СӨ норуот маастара: «Олоҥхо ыһыаҕар диэн бу эдэр дьоҥҥо халадаайдары оҥордум. Сир симэҕэ диэн ааттанар, таҥаһа быысыпкаламмыт органза».

Маастар бу барыта бэйэтэ кэтэр ырбаахылара. 10-ча араас быһыылах, өҥнөөх-дьүһүннээх халадаайдара ыскаабыгар кэчигириһэллэр.

Анисия Кузьминична уопуттаах иистэнньэҥ буолан былыргы иистэнэр массыыналаах, үлэтигэр аан бастакы кыптыыйын кытта харыстаан илдьэ сылдьар. Бастакы Президеммит Михаил Ефимович Николаев үбүлүөйүгэр түүлээх сон тигэн бэлэх ууммута. 12-с сылын Анисия Кузминична араас улуустарынан сылдьан иискэ үөрэтэр. 

Билигин даҕаны Покровскайдааҕы коллежка иис куурсун ыытар. Кини үөрэнээччитэ Раиса Романова уһуйуллан аан бастаан бэйэтигэр хаһыаччыктаах халадаай тиктэн быйылгы ыһыахтары толору бэлэмнээх көрсөр. 

Раиса Романова, Покровскай куорат олохтооҕо: «Туһалаах, наадалаах. Эдэр кыргыттар бэйэҕитигэр тигэргит үчүгэй, кэлэн үөрэниҥ».

Анисия Кузьминична ону тэҥэ туойунан оҥоһуктары оҥорор, кыбытыы тигиинэн араас ураты бэйэлээх хартыыналары тигэр. Салгыы сон тигиитигэр үөрэх кууруһун ыытар былааннаах.

Анисия Фадеева, СӨ норуот маастара: «Сон тигэргэ үөрэтиэхпин баҕарабын. Бэйэм үс сонноохпун. Икки кыһыҥҥы уонна биир сайыҥҥы».

Онон уран тарбахтаах, талааннаах маастар өссө даҕаны айа-тута, иистэнэ, бэйэтин баай уопутун дьону кытта үллэстэ, тарҕата сылдьар.