Өрөспүүбүлүкэҕэ бааһыналарга ыһыы үлэлэрэ саҕаланнылар

92

Тулагы-Киллэм нэһилиэгэр "Нагорнай" диэн бааһынаҕа тыраахтыр тыаһа ньирилээн турар. Уопуттаах тырахтарыыс Николай Попов сири кичэйэн хоруйар. Олоҕун тухары бааһыналарынан үлэлээбит буолан эттиин-сиинниин, өйдүүн-санаалыын үлэтигэр бүтүннүү умсар. Сири алдьатыы үлэтэ аньыылаах-харалаах үлэ диэн сэһэргээтэ. Онон үлэтин саҕалыан иннинэ куруук туох баар сиэри-туому тутуһар.

Николай Попов, бааһына тырахтарыыһа: «Бааһынаҕа улааппыт киһибин. Үчүгэй бөҕө, ким да мэһэйдээбэт. Үлэҕэ сиэри туому тутуһан киириэхтээххин».

Быйыл кураан сайын сабаҕаланар буолан "Экоферма "Туймаада"" тэрилтэ бааһыналарын сирин көһөрдө. Ол да буоллар Бааһынай тэрилтэ быйыл 17 туонна эбиэс уонна 5 туонна судаанскай оту үүннэрэр былааннаах. Маны таһынан сорго диэн үүнээйини боруобаҕа 40 га иэннээх сиргэ ыһан көрүөхтээхтэр.

Иннокентий Семёнов, "Экоферма "Туймаада"" тэрилтэ Дьокуускайдааҕы салаатын салайааччыта: «Аллараа кураан буолан саҥа сиргэ кэллибит. Курааҥҥа туттуллар сорго диэн үүнээйини олордон эрэбит».

Тиэхиникэ төһөнөн үчүгэй туруктаах, көрүүлээх-истиилээх даҕаны, соччонон үлэ тэтимэ түргэн уонна хаачыстыбата даҕаны үрдүк буолар. Онон үлэһиттэр тимир көлөлөрүн куруук кэмигэр көрүнэ сылдьаллар.

Николай Попов, бааһына тырахтарыыһа: «Миигин аһатар тиэхиникэ. Көрө истэ сылдьыахха наада».

Билигин Дьокуускайга уонна куорат эргин сытар нэһилиэктэргэ уопсайа 3000 га сир ыһыыга бэлэмнэнэн турар. Онтон 350 га туорахтаах култуура. Билиҥҥи туругунан 53 бырыһыан туорахтаах култуура ыһыллан турар. 100 гектар эбиэс, 60 гектар эчимиэн, 20 гектар сэлиэһинэй, оттон хортуоппуй ыһыытыгар 1200 гектар сир бэлэмнэнэн турар, бүгүҥҥү туругунан 30 бырыһыан хортуоппуй номнуо ыһылынна.

Егор Андреев, Дьокуускай уокуругун сүрүн агронома: «Оҕуруот аһынан 17 хаһаайыстыба дьарыктана сылдьар. Ону 20-30% олордон эрэбит».

Бу курдук сайыҥҥы күннэр үүнэннэр Өрөспүүбүлүкэ туох баар улахан хаһаайыстыбалара бары үлэ үгэнигэр сылдьаллар, бу күннэргэ бааһыналар сирдэрэ тиэриллэн бүттэхтэринэ тута сиэмэ ыһыытыгар тахсыахтара.