Бэрдьигэстээх уһуйаана доруобуйаларынан хааччахтаах оҕолорго болҕомто уурар

94

Доруобуйаларыгар кэһиллиилээх оҕолору дьарыктыыр анал тэрилтэ, исписэлиис тыа сирдэригэр бүгүҥҥү күҥҥэ суоҕун кэриэтэ. Бу кыһалҕаны учуоттаан Бэрдьигэстээх “Кырачаан ымыылар” уһуйаан иһинэн үлэлиир  “Маленькие снегири” диэн кэмиэрчискэйэ суох тэрилтэ "Два крыла социализации детей с ОВЗ" бырайыага “Алмазэргиэнбанк” 30 үтүө дьыала бырайыагар кыайан хас да түһүмэҕинэн олоххо киирэр.

Саргылана Алексеева, бырайыак сүрүннээччитэ: «Манна доруобуйаларыгар хааччахтаах оҕо дьону кытта алтыһа үөрэнэригэр, үлэ сатабылларын иҥэрэн, бэйэлэрин кыахтарыгар эрэллэрэ улаатарыгар көмө уонна болҕомто буолар».

Бырайыак олоххо киириитигэр уопсайа 5 исписэлиис үлэлэстэ манна улуус хас да нэһилиэгиттэн доруобуйалырын туругунан хааччахтаммыт оскуола иннинээҕи саастаах 20 оҕо 15 дьиэ кэргэн хабалыныннылар.

Таисия Эверстова, Маҕарастааҕы "Туллукчаана" оҕо сайдар киинин тьютор-иитээччитэ: «4 оҕо уонна Дьиэ кэргэн сылынан сибээстээн 4 дьиэ кэргэн буолан кэллибит»

“Иитээччи – оҕо – төрөппүт” диэн өйдөбүлүнэн доруобуйалырын туругар кэһиллиилээх оҕолору иитэн үөрэтэн таһаарарга хайысхаламмыт хас да кирбиилээх бырайыак көдьүүстээх буолара саарбахтаммат. Бырайагы түмүктүүр тэрээһиннэртэн биирдэстэринэн, ырыаҕа, үҥкүүгэ, хоһоон ааҕыытыгар бэстибээл буолла, күрэскэ оҕолор ийэлэрин кытары уһуйаан сыанатыгар тахсан дьоҕурдарын көрдөрдүлэр

Одуну нэһилиэгиттэн сылдьар Айталина уонна Александр Винокуровтар 4 бэйэлэрин оҕолорун таһынан 2020 сыллаахтан оҕо иитэ ыланнар приемнай дьиэ кэргэн аатын сүкпүттэр, билигин иитэ ылбыт оҕолоро эмиэ түөртэр.

Айталина Винокурова, оҕо иитэр дьиэ кэргэн ийэтэ: «Үчүгэй баҕайы бэстибээл тэрийбиттэр оҕолорго. Оҕо иитэр дьиэ кэргэн эмиэ элбэх оҕолоохторго киирсэрэ буоллар. Биһи элбэх оҕолоох курдук аахсыллыбаппыт».

Бырайыагы түмүктүүр түһүмэҕинэн, оҕолору уруһуйга угуйуу буолла, бу көрүҥҥэ Туйаара Татаринова оҕолорго уонна кинилэр иитээччилэригэр, төрөппүттэригэр маастар-кылаас ыытта.

Туйаара Татаринова, уруһуй учуутала: «Оҕолор сэргээтилэр, үчүгэй баҕайытык сатаатылар. Төрөппүттэр кэлэн тэҥҥэ кыттыһаллара ордук».

Оҕолор кустук өҥнөөх кыраасканы буккуйан, араас ойууну таһааран санаалара көнньүөрдэ, сүргэлэрэ көтөҕүлүннэ.

Бу курдук тустаахтарга олус наадалаах бырайаык олоххо киирэн төрөппүттэр махталлара муҥура суох.