«Азия оҕолоро» оонньууларын эбийиэктэригэр сүрүн өрөмүөн үлэлэрэ түмүктэннэ
Чолбон спорт комплексыгар билигин сүрүннээн киэргэтии уонна хомунуу эрэ үлэтэ бара турар. Саҥардыыга диэн көрүллүбүт 67 мөлүйүөҥҥэ тротуар пилииккэлэрин, камераны, 1-кы этээс саалатын барытын уонна да атын саҥардыы, тупсарыы үлэтин ыыттылар. Бу ый бүтүөр диэри бэдэрээччит үлэтин туттаран, номнуо аахта баттаһыахтаах. Оскуола дириэктэрэ бэлиэтииринэн кыһынын уораҕай наһаа тымныы эбит буоллаҕына, билигин хас биирдии улахан түннүк анныгар тупсаҕай сылытар тэриллэри туруордулар.
Пётр Черкашин, "Чолбон" спортивнай оскуола дириэктэрэ: «Аан дойду таһымыгар эппиэттиир тэриллэри туруорабыт. Хас биирдии кабинеттарга кондиционер туруордубут».
Оттон Өрөгөй спорт комплексын тас өттүгэр 2700 кв. иэннээх асфальт уларытыыта уонна 2200 кв. саҥа тротуар оҥоруута түмүктэнэн эрэр. Маны таһынан Өрөгөй уораҕайа хараҥа бириэмэҕэ бүтүннүү уотунан сырдатыллыаҕа. Ис өттө барыта кырааскаланна. Уонна биир саамай спортсменнары үөрдэр сонун - кондиционер туруута.
Михаил Пахомов, "Өрөгөй" спорт киинин дириэктэрэ: «Ыам ыйа 31-гэр номнуо бүтүөхтээхпит. Оттон кыра үлэлэр хаалыахтара. Ыалдьыттарбытын көрсөргө бэлэм буолуохтаахпыт».
Бу күннэргэ Азия оҕолорун оонньуутугар кытаанах хонтуруол үлэһиттэригэр куурус буола турар. Хабаровскай куораттан кэлэ сылдьар эспиэрдэр сүүмэрдэммит 300 киһиэхэ маастар кылаастары, лиэксийэлэри тэрийэн ыыта сылдьаллар.
Николай Дьячковскай, хонтуруол үлэһиттэрин салайааччы: «Элбэх көрөөччү кэлэр. Олору салайабыт, билиэттэрин бэрэбиэркэлиибит, көрдөрөбүт».
Аан дойдутааҕы оонньуулар Дьокуускай куорат 16 эбийиэктэринэн ыытыллыахтара. Бары бэлэмнэрин сарсын хамыыһыйаҕа туттаран, хомунуу үлэтин ыытан саҕалыахтара.
Саҥа 12 тыһ. сидиэнньэ турда, газон тэлгэннэ. Үгүс көрөөччү кутун туппут чэпчэки атлетика уонна атах оонньуулара манна ыытыллыахтара. Антитеррористическай кутталы үөскэппэт туһугар Өрөспүүбүлүкэ салалтата улахан болҕомто уурулунна. Туймаада стадиоҥҥа барыта уопсайа 136 камера турда.
Николай Цыпандин, футбол спортивнай оскуолатын дириэктэрэ: «Быйыл олоҕун саҥардылынна. Туох баар уот тардыытын, уу биэриитин барытын уларыттыбыт».
Дьокуускай куорат спортсменнары көрсөргө тэтимнээх үлэтин түмүктүүр чааһыгар тиийэн эрэр. Спорт эбийиэктэрэ бары былаантан туорааһына суох, үчүгэй үлэни ыыппыттарын көрдөрдүлэр.