Дьокуускайга бөдөҥ археологическай хаһыы үлэлэрэ саҕаланнылар
Норуокка биллэринэн уруккута Чароит ресторан, Эстрада театырын дьиэтин, отто дьиҥэ олох былыр Троицкай собор эргин сир - куорат килбэйэр киинэ этэ. Дьокуускай олохтоноругар тутуллубут хас да башнялардаах остуруог кириэппэс манна, бу сиргэ турбута. 2013 сыллахха археологтар бөлөхтөрө бэрэбиэркэ-чинчийии оҥорон баран биир түмүккэ кэлбитэ.
Гаврил Терентьев, культурнай нэһилиэстибэ эбийиэктэрин харыстыыр департамент салайааччыта: «Манна хаһан баран археологическай мал элбэх эбит диэн эппиттэрэ. Ол иһин улахан тутуу буоллаҕына барытын хостуохха наада».
Ааспыт нэдиэлэттэн саҕалаан манна археологическай хаһыыларга бэлэмнэнии ыытыллар. Геодезическай үлэ кэннэ, улахан тиэхиникэ XX үйэ бүтүүтэ - XXI саҥатынааҕы техногеннай араҥаны хостуур. Маннык экскаватор солоон, хаһан сири бэлэмниир. Тиэхиникэни тэҥэ илии үлэтэ эмиэ ирдэнэр. Дмитрий Скрябин Хотуглуу-илиҥҥи федеральнай университет историческай факультетын магистрана. Эрдэ хаһыыларга кытта сылдьыбыт эрээри, бу бэрт бөдөҥ үлэ буолара күүтүллэр диэн этэр.
Дмитрий Скрябин, ХИФУ историческай факультет магистрана: «Бу куорат иһигэр буолан хаһыыта элбэх. Халыҥа ыраах, өссө балай да уһуннук маннык хаһабыт».
Археологическай хаһыы үлэлэрин барытын туһааннаах бөлөх сүрүннүүр. Ханты-Мансийскайтан бүтүн Сибииргэ бөдөҥ археологическай тэрилтэ кэлэн үлэлэһэ сылдьар. Бөлөххө Саха сирин учуонайдара, археологтара, музей, архыып үлэһиттэрэ, университет устудьуоннара киирсэллэр.
Иван Фролов, "Северная археология -1" тэрилтэ археолога: «Сейчас идет снятие техногенных напластований. Самый верхний слой снимается техникой, там, где крупногабаритный мусор. Дальше в ручную идет понижение с выходом на культурный слой».
Хаһыы уустук үлэтигэр кыргыттартан, уолаттартан тутулуга суох бары лаппаакы тутуурдаах бииргэ үлэлииллэр. Валерия Алексеева историческай факультет иккис кууруһун устудьуона сир анныгар саспыт урукку кэм кэрэһиттэрин булуу олус интэриэһинэй диэн санаатын үллэстэр.
Валерия Алексеева, ХИФУ историческай факультетын устудьуона: «Казахстааҥҥа үөрэнэ сылдьыбытым. Ол онно хаһыыларга кыттыбытым. Куораттааҕы хаһыыга кыттаарыбын кэллим. Кыыска бастакы үлэтэ ыарахан соҕус, кэлин тэриллэри буларга интириэһинэй».
Сотору кэминэн бу манна олорор дьиэ тутуллуохтаах, онтон сирэ археология пааматынньыгар киирсэр буолан, тутуу иннинэ бу булгуччулаах хаһыы үлэлэрэ ыытыллаллар. Өрөспүүбүлүкэ бөдөҥ тутар хампаанньалартан биирдэстэрэ хаһыы үлэтигэр баҕалаахтары ыҥырар.
Анна Егорова, тутар хампаанньа быраап хайысхатыгар салайааччы: «Бу хаһыы үлэҕэ Дьокуускай куорат олохтоохторо кэлэн кыттыахтарын сөп. Утум+ саайтыгар киирэн суруттарыахха сөп».
Хаһыы үлэлэрэ былаан быһыытынан биир сезон, ол эбэтэр алтынньы ыйга диэри барыахтара. Оттон Дьокуускай остуруог кириэппэһин акылаатын булумньуларын чаастарга арааран саамай сыаннастаахтарын салгыы харайыыга тиксэриэхтэрэ.