Дьокуускай Кыайыы пааркатыгар оҕо байыаннай параада буолла
Хамаанда бэриллэн колонналлар биир тэтиминэн хаампытынан бараллар. Аан бастакынан сиринэн сылдьар саллааттар, кинилэр кэнниллэриттэн танкистар параады арыйаллар. Бүгүн Кыайыы пааркатыгар иккис төгүлүн Дьокуускай куорат оҕо уһуйааннарын иитиллээччилэрин тэрээһинэ ыытыллынна.
Хас биирдии колоннаны киһи сэргии эрэ көрөр. Таҥастара-саптара, кыра дьон диэтэххэ хаамаллара ылы-чып курдук. 86 "Чуораанчык" оҕо уһуйаанын кыттааччылара хаһаактар пуолкалара буолан хаамтылар. Маныаха өссө дьиҥ хаһаактардыы тахсан ырыа дьиэрэһиттилэр.
Марианна Антоева, "Чуораанчык" оҕо уһуйаанын инструктора: «16 оҕо буолан кытынныбыт. Оскуолаҕа киирэргэ бэлэмнэнэр оҕолор. Таҥастарын оҥорорго төрөппүттэрэ улахан оруолу оонньообуттара».
Чахчы бүгүн хас бирдии оҕо уһуйаана ох курдук оҥостон кэлбит. Күннэтэ бэлэмнэнии түмүгэ бүгүн көһүннэ. Оҕолор турбут сыалларын-соруктарын ситтиллэр.
Анна Сидорова, "Золотая рыбка" оҕо уһуйаанын инструктора: «Иккис сырыыбыт. Сүрдээх үчүгэй параат, оҕолорго маннык наада дии саныыбын. Хас биирдии уһуйаан 16 оҕону кытыннарда».
Манна даҕатан эттэххэ, Дьокуускай куорат уопсастыбыннай палаататын көҥүлээһининэн бу параат ыытыллына. Онон бүгүҥҥү патриотическай тэрээһиҥҥэ бэтэрээннэр, куорат дьаһалтатын бэрэстэбиитэллэрэ уонна биллэн туран төрөппүттэр кыттыыны ыллылар.
Анна Андросова, төрөппүт: «Оҕолорбут былырыҥҥыттан кыттар буолан уопуттаахтар. Кыайыы өйдөбүлүн кыра эрдэхтэриттэн бэйэлэрин өйдөрүгэр санааларыгар иҥэринэн улааталлар дии саныыбын уонна суолтатын уһуйааммыт толору оҕолорго өйдөтөр».
Бүгүн кырачаан кыттааччылары кэлэн Дьокуускай куорат аҕа баһылыга Евгений Григорьев кэлэн эҕэрдэлээн, параады көрөн барда. Маныаха бу күн биир бэлиэ түгэн тосхойдо, ол курдук 13 оҕо уһуйаана "Бастыкылар хамсааһыннара" - "Движение первых" диэн улахан бүтүн Арассыыйатааҕы холбоһукка киирдэ.
Бүгүҥҥү параакка уһуйаан оҕолоро уонна иитээччиллэр бэйэлэрэ илиилэринэн оҥорбут байыаннай тиэхиникэ быыстапката үгүс киһи болҕомтотун тарта. Холобура, "Чуораанчык" оҕо уһуйаана бүгүҥҥү быыстапкаҕа атомнай уу аалын дьон дьүүлүгэр туруорбут.
Айталина Афанасьева, "Чуораанчык" оҕо уһуйаанын иитээччитэ: «Ый курдук бэлэмнэмиппит. Туттуллубут хоруопкаларынан оҥорбуппут. Оҕолор интириэһиргээн, остуоруйатын үөрэтэммит оҥорбуппут».
Бу курдук оҕону кыра эрдэхтэн төрөөбүт дойдуга тапталы иҥэрэр, историяны умнубакка туһуламмыт тэрээһин үрдүк таһымнаахтык ааста. Тэрийээччилэр этэллэринэн үгэскэ кубулуйан сыллата ыытыллыаҕа.