Киин куоракка хомуйуу үлэтэ күннэтэ салҕанар
Губин уокуругун биир тутаах үлэһитэ Афанасий Тарабукин дворнигынан үлэлээбитэ 10-тан тахса сыл буолла. Кыһыннары-сайыннары күннэтэ куорат ыраас буоларын туһугар үлэлир-хамсыыр. Афанасий Семенович кыһынын лаппаакы, күрдьэх, сайынын сиппиир, куул тутуурдаах уокуругун общественнай сирдэрин бөхтөн-сыыстан ыраастыыр.
Афанасий Тарабукин, муниципальнай дворник: «Бу хаһаайына суох сир. Маннык сирдэри кыбаартал иһигэр хомуйабыт. Дьиэлэр тула салайар тэрилтэлэр хомуйаллар».
Кыһын устата хаар эбит буоллаҕына, саас, сайын буолла да бөҕү кытта охсуһуу түбүгэ үүнэр. Бөх элбэх, хаһан да бүтэр уһуга суох, тахса турар, дьон-сэргэ киртитэрэ да бэрт. Афанасий Семенович аҕыйах чаас иһигэр уулуусалар кытыыларыттан, маннык дьиэлэр, маҕаһыыннар тастарыттан уонунан куул бөҕү мунньабыт, куул сотору-сотру туолар буолан, улахан истээх куулу ыла сатыыбын диэн кэпсиир. Билэн турар, маннык үлэ бэрт уустук, сылаалаах.
Афанасий Тарабукин, муниципальнай дворник: «Хаамыыта, төҥкөннүү сылдьыахха наада. Уонна бу хомуйан баран таһыахха наада».
Дворниктары тэҥэ, суол-иис үлэһиттэрэ эмиэ быыстала суох симиэнэн куорат уулуссаларын буортан, кумахтан ыраастыыллар. хастыы даҕаны биригээдэҕэ арахсан, араас аадырыстарынан сылдьаллар. Бу Дьокуускай саамай кэлиилээх-барыылаах, уһун уулуссата - Лермонтов аатынан суол. Суол кытыыларын маннык харбыырынан, сиппиириэнэн буорун, кумаҕын хомуйан чөмөххө кубулуталлар, салгыы кэлэн иһэр киһи лаппаакынан ылан аттыгар баран иһэр массыынаҕа быраҕар. Шунхар Кыргыстаантан соторутааҕыта саҥа кэлбит, суол үлэтигэр киирэн холоно сылдьар.
Шунхар Имазов, суол үлэһитэ: «Ыарахана суох, элбэх кумах баар эрэ буоллаҕына. Биригээдэбит 11 киһи».
Анаабыр улууһуттан төрүттээх Айсен Ылганов суол бордюрун оҥоруутугар үлэлэһэ сылдьар. Чааһынай тэрилтэни кытта дуогабардаһан чуолаан бу Лермонтов уонна Орджоникидзе уулуссаларын эргэрбит кытыыларын көтүрүүгэ үлэлиир. Сарсыарда 9 чаастан, киэһэ 6ч диэри маннык түбүгүрэллэр. Туһааннаах техникэ көтүрбүтүн биир сиргэ муһан хомуйаллар, салгыы ыраастыыллар, саҥа бордюр уурарга бэлэм гыналлар.
Айсен Ылганов, суол үлэһитэ: «Бордюр туурааччыларбыт. Хомуйар уонна саҥаны уурар атын биригээдэлэр».
Дьокуускайы ыраастааһын, хомуйуу икки бүк күүһүрэн үлэ барар. “Азия оҕолоро” оонньуулары көрсө саҥардыы, тупсарыы, эргэни көтүрүү үлэтэ элбээн, хомунуу үлэтэ эмиэ эбиллэн турар. Бу маны барытын суол-иис оробуочайдара, дворниктар хаачыйан бэрээдэги туталлар.