Быйыл үс өрөспүүбүлүкэ таһымнаах суол оҥоһуллар
Аспаал кутар массыына үлэтин хас да исписэлиис салайар. Бу суолу оҥорууга тутаах түһүмэх. Онон биир кыра сыыһа уһун кэмнээх үлэни халтайга тэбиэн сөп, саамай сүрүнэ хаачыстыбаҕа охсор. Онон хас биирдии үлэһит бэйэтин эбээһинэһигэр эппиэтинэстээхтик сыһыаннаһар. Үөһэттэн олорон эрэ балаһа көнөтө, ыйыллар кээмэй сөптөөхтүк түһүүтэ хонтуруолланар. Аны көлө икки кытыытыгар халыҥы кээмэйдиир приборга эмиэ туспа үлэһиттэр тураллар.
"Манан көрдөхпүнэ аспаалбыт 6,5 сантымыатыр халыҥнаахтык түһэр. Бары көрдөрүү бырайыакка эппиэттиир", - диэн аспаал ууруутун оператора Айтал Михайлов анал тиэхиньикэни салайан иһэн үллэстэр.
Намныыр суол 7-11 килэмиэтиригэр өрөмүөн былырыын саҕаламмыта. Бастакы аспаал дьапталҕата ааспыт сайыны баттаһа ууруллубута. Оттон билигин күн-дьыл туран биэрэн иккистээһиҥҥэ киирдилэр. Суолу оҥорооччулар бу сырыыга саҥа ньыманы туһаналлар. Ол курдук хара лиэнтэни балаһалар икки арыдыларыгар уонна суол кытыытыгар тутталлар. Бу эйгэҕэ туох эмэ саҥа барыта хаачыстыба үрдүүрүгэр туһаныллар.
Гаврил Рожин, "Дороги Саха" тэрилтэ инженерэ: "Лиэнтэни аспаал балаһатын икки ардын ыпсыыта көстүбэтин гына туһанабыт. Хайа барыыта суох буолар уонна силбэспит сирэ көстүбэт буолар".
Нам суола "Куттала суох хаачыстыбалаах суоллар" национальнай бырайыагынан оҥоһуллар. Маны сэргэ өрөспүүбүлүкэҕэ өссө икки айан суола бу бырайыакка хапсан саҥардыллар. Ол курдук үлэ "Умнас" уонна "Мухтуйа" айан суолугар барар. Оттон бу Нам суола быйыл алтынньыга былаан быһыытынан түмүктэниэхтээх. Уопсайа 3 килэмиэтиртэн тахса усталаах сир аспаалланыа.
Надежда Яковлева, СӨ массыына суолларын салалтатын капитальнай тутууга салаатын исписэлииһэ: "Куттала суох хаачыстыбалаах суоллар" национальнай бырайыагынан оҥоһулла сылдьар Нам суолун алтынньы ыйга үлэҕэ киллэриэхтээхпит. Бүгүҥҥү күҥҥэ уопсай бэлэм 53% тэҥ. 1,5 киэлэмиэтир усталаах сир аспаалланна. Сотору кэминэн араарар балаһатын оҥорон саҕалыахтара. Графиктан хаалыыта суох үлэ бара турар".
Саҥа суол икки кытыытынан дьон сылдьарыгар анаан тротуардаах буолуо. Итиэннэ сэттэ оптуобус тохтобула оҥоһуллуо. Бу кэрчик сиргэ 5 светофор туруоҕа. Билигин аспаалы сэргэ сорох үлэһиттэр суол кыттыытын бордюрун уураллар. Манна уопсайа барыта 50 тахса үлэһит уонна 38 тиэхиньикэ күн устата үлэлиир. Мантан сайын түүҥҥү дьуһуурустубаҕа тахсыахтара.
Оҥоһулла сылдьар суол түөрт балаһалаах буолуо. Онон сырдатыы икки кытыытыгар буолар. Уопсайа барыта бу кэрчик сиргэ 271 лаампа туруохтаах, мантан 150 остуолбата номнуо турбут.
Маны тэҥэ бу сайын өрөспүүбүлүкэ таһымнаах суолларга 40 киэлиэтир өрөмүөннэниэ. Ол курдук Хаҥалас, Ленскэй оройуоннарыгар айан суолун тупсарыахтара. Үлэлэр бары быйылгы сезоҥҥа түмүктэниэхтэрэ