Федеральнай миниистир ууга барбыттары кытта көрүстэ

82

Россия ЫБММ миниистирэ Хатырыкка аан бастакынан халлаанынан балаһыанньаны көрөн баран, тутатына алдьаммыт муостаҕа тиийдэ. Өрөспүүбүлүкэ Ил Дархана Айсен Николаев уонна улуус баһылыга Юрий Слепцов  үөскээбит быһыыны-майгыны төрдүттэн кэпсээтилэр. Кинилэр иһитиннэрбиттэринэн, урукку муоста оннугар сана 2 миэтэрэ уһуннаах турбалаах муоста тутуллуоҕа.

Салгыы Александр Вячеславович Куренков Хатырык биир тумус туттар ыалыгар, 10 оҕолоох Кутуковторга ыалдьыттаата. Дьиэ аҕа баһылыга кэлбит ыалдьыттары көрсөн, халаантан хайдах эмсэҕэлээбитин кэпсээтэ. Федеральнай таһымнаах салалта көмө хайаан да оҥоһуллуоҕун бигэтик эрэннэрэн, элбэх оҕолоох ыал санаата бөҕөргөөтө. Маныаха манна даҕатан эттэххэ, билигин эмсэҕэлээбит Хатырык оҕолоро Бэс Чагда лааҕырга олохсуйдулар.

Салгыы биллэн туран, Александр Куренков быстах кэмҥэ эмсэҕэлээччилэри олордор пууҥҥа сырытта. Хатырык олохтоохторугар дөкүмүөн да чааһыгар, ас-үөл, таҥас-сап өттүгэр көмө көдьүүстээхтик оҥоһулла турарын илэ хараҕынан көрөн сыаналаата. Элбэх оҕолоох ыал Дьяконовтар аҕа баһылыктарын кытары кэпсэттэ.

Станислав Дьяконов, Хатырык нэһилиэгин олохтооҕо: "Ыам ыйын 18 күнүгэр уу кэлбитэ. Ол сарсыарда куотан быстах кэмҥэ олорор пууҥҥа кэлбиппит. Уу дьиэбит муостатын миэтэрэ курдук ылла".

Бу күн хас биирдии кэлбит Хатырык олохтооҕо федеральнай былаастарга түбэспит иэдээннэрин аһаҕастык кэпсээтилэр. Көмө толору оҥоһуллуоҕун истэн эрэх-турах санааланнылар. Оттон билигин айылҕа сүдү күүһүн уҕарытарга күүс-уох барыта онно барар.

Билигин сүрүн күүс ууну оботторууга сытар. Ыксаллаах быһыы-майгы министиэристибэтин үлэһиттэрэ нэһилиэктэн ууну хачайдаан тас өттүгэр бырахтараллар. Исписэлиистэр этэллэринэн сөкүүндэҕэ 100 лиитэрэ уу түһэр.

Норуот күүһэ-көмүөл күүһэ диэн бэргэн этии чахчы билигин Хатырыкка быһаччы туттуллар. Манна туох баар тэрилтэлэр, эмчиттэр, быыһааччылар, волонтердара сүүһүнэн киһи биир сомоҕо буолан Хатырыктарга көмөлөһөллөр.

 Хас биирдии ыалга манна иэдээн. Олоччу илии соттон хаалаччылары, турар бэйэлэринэн хаалбыттары кытары исписэлиистэр үлэлэһэллэр. Билигин бары күүс аварийнай-быыһыыр үлэлэргэ ууруллар: уу тоҕо анньан аҕалбыт бөҕүн, алдьаппыт остуолбаларын, өлбүт дьиэ кыылларын ыраастааһыҥҥа.

Николай Парников, Нам улууһун судаарыстыбаннай баһаары утары сулууспатын салайааччытын солбуйааччы: "Чөлүгэр түһэрии үлэтигэр ылсан үлэлэһэ сылдьабыт. Ол курдук дьоннорбут субуотунньукка кытталлар. Оттон баһаарынай чаастарбыт ууну оботторуу, ууну таһыы курдук үлэлэргэ кыттыһаллар. Россия ЫБММ миниистирэ Александр Куренков олохтоохтору кытта көрүстэ уонна федеральнай көмө баар буолуо диэн эрэннэрдэ".

Билиҥҥи кэм туругунан Нам улууһугар 11 нэһилиэнньэлээх пуунтан уу босхолонно. Ол эрэн билигин өссө даҕаны 5 нэһилиэккэ 329 олбуорга, 231 дьиэ ууга өссө да тураллар. Үлэ бу хайысхаҕа тохтоло суох барар.