Дьокуускай дойду үрдүнэн ыытыллар "Стоп, ВИЧ/СПИД" аахсыйаҕа кыттыһар

97

Куорат олохтоохторо бэрт түргэн тиэһи туттаран, доруобуйаларын туһугар долгуйалларын биллэрдилэр. Быраастар бэлиэтииллэринэн, үгүс дьон бу ыарыыттан кыбыстар уонна ол түмүгэр СПИД бүтэһиктээх ыарыытыгар ВИЧ-кэ тиийэн баран биирдэ өйдөнөллөр. Бу кыһалҕаны аһаҕастык кэпсэтэн, дьоҥҥо эрдэттэн наадалаах билиини, өйү-санааны угуохха наада. Бу туһунан куорат олохтооҕо Евгения Михайлова бэйэтин санаатын кэпсээтэ.

Евгения Михайлова, Дьокуускай куорат олохтооҕо: "Доруобуйаны көрүнүү буолар. Эрдэттэн туох ыарыы баар буолуон сөбүн билэҥҥин, доруобуйаҕын бөҕөргҕтөн эрдэттэн эмтэннэххинэ уһуннук дьоллоохтук олороҕун. Киһи кыбыстыа суохтаах инпиэксийэлэртэн. Үчүгэйдик эмтэниэххэ уонна доруобай буолуохха наада. Сыл аайыхайаан да  диспансеризация барабын ".

Сыл аайы Дьокуускайдааҕы Медицинскэй колледж устудьуоннара уонна СПИД киинэ буолан бу аахсыйаны тэрийэллэр. Тарбахтан аҕыйах хаапыла хааны туттараат, киһи төбүркүлүөскэ, ВИЧ арааһыгар, сиипилискэ уонна гепатит Б, С көрүҥнэригэр инпиэксийэлээхтэрин билэллэр. 12 чаастан саҕалаан уһун уочараты үөскэтэ үгүс киһи мустубута олус хайҕабыллаах.

Хас биирдии киһи уочаракка туран баран, бастаан бэйэтин сөбүлэҥин биэрэр, ол кэннэ кини хааныгар ВИЧ баарын, суоҕун быраастар тута 10-15 мүнүүтэ иһигэр анаалыстаан быһаара охсоллор.

Өскөтүн киһи хааныгар ВИЧ баарын быһаардахтарына, тута бу киһиэхэ салгыы ханнык исписэлиистэргэ баран көрдөрөрүн ыйан-кэрдэн биэрэллэр. Билигин СПИД инпиэксийэтин утары үлэлиир кииҥҥэ уопсайа 1000 кэриҥэ киһи ВИЧ учуотугар турар. Эрдэ эмтэммэккэ, көтүмэхтик сыһыаннаспыт киһи кэнники СПИД илдьэ сылдьан, тарҕатааччы буолар. Бу инпиэксийэ төһө да эмтэммэтин иһин, киһи ис туругун араас эминэн-томунан бөҕөргөтүөн сөп.

Евгений Кононов, өрөспүүбүлүкэтээҕи СПИД инпиэксийэтин утары үлэлиир киин сэбиэдиссэйэ: "ВИЧ инпиэксийэ диэн олохсуйбут сыстыганнаах инпиэксийэ. Инкубационнай кэмэ биир сылга тиийиэн сөп. Маннык суһал бэрэбиэркэлээһин хааҥҥа инпиэксийэ баарын билэр".

Хас биирдии анализ туттарбыт киһиэхэ бу инпиэксийэлэр туһунан өйдөбүнньүк иһитиннэриини уонна презерватив биэрэллэр. Хас биирдии киһи ыкса сыһыаҥҥа булгуччу харыстанар туһунан бастакы уочарат саныахтаах, тоҕо диэтэххэ, биир кылгас түгэнтэн киһи олоҕо бүтүннүү куһаҕан өттүгэр тосту уларыйыан сөп.

Оттон бу ыарыыны үгүс дьон ити эрэ көрүҥүнэн тарҕанар дии саныыллар, ол эрээри туттуллубут үнүстүрүмүөнтэн, испириистэн, хаан кутуутуттан, уорган олордуутуттан эмиэ бэриллэр.

Уйгулаана Назарова, Дьокуускайдааҕы медицинскэй колледж устудьуона: "Мин санаабар, эрдэттэн билбит уонна эмтэнэр ордук.Тоҕо диэтэргин улахан ыарыы үөскүөн сөп. Хаантан сэрэхтээх буолуҥ диэн сүбэлиибин уонна бэйэҕитин харыстаныҥ".

Дьокуускай куорат бары олохтоохторун бу ый 24 күнүгэр диэри күн аайы 12 чаастан киэһээ 19-ҕэ диэри "Туймаада" атыы-эргиэн дьиэтин бастакы этээһигэр күүтэллэр. Бэйэҕитин уонна чугас дьоҥҥутун харыстыы сылдьыҥ.