Паром сыаната үрдүө

94

Паром сырыыта саҕаланарын истэн дьон үөрүүтэ үгүс. Ол эрээри кытылтан кытылга түргэнник тиксиэн баҕалаах дьон салгын олбоҕунан айанныыллар. Куорат олохтоохторуттан паром сырыытын төһө күүтэллэрин туһунан ыйыталастыбыт.

«Паром сырыыта саҕаланар буоллар кэлии-барыы тупсуо этэ, салгын олбохтоох  ааллар сыанада да бэрт».

“Күн аайы кэлии-барыы син биир элбэх, онон ыксаабыт дьоҥҥо маннык аалынан сылдьар көмөлөөх”.

Билигин дьону анараа биэрэккэ түргэнник тириэрдэр транспорт өҥөтө 2000 буолан турар. Бу иннинэ муус хойуутук устар кэмигэр 4000 диэри үрдүү сылдьыбыта.

Өлүөнэ өрүс мууһа Дьокуускай аннынан ырааһыран салгын олобохтоох ааллар сырыылара дьон олоҕор улахзан кутталы үөскэппэт. Ол эрэн кытылга тиксиилэригэр мууска иҥнэр түҥэннэрэ бааллар.

Оттон паромнар сырыылара номнуо бу өрөбүлтэн саҕаланыаҕа. Уһун кыһын кэннэ паром үлэһиттэрэ үлэлэригэр тахсаары кынаттарын куурдаллар. Саха сирин паромнара тэрилтэ бэлиэтииринэн, сыана билигин судаарыстыбаннай сыана кэмитиэтинэн бигэргэтиллэ турар. Сотору кэминэн паромнар саайтарыгар тахсыаҕа. Чопчу сыана үрдүүрэ күүтүллэр.

Николай Ефимов, "Паромы Якутии" тэрилтэ дириэктэрэ: «Быйыл 9 паром сылдьыаҕа. Ону тэҥэ атын тэрилтэ 4 парома дьону таһыыга эмиэ үлэлиэҕэ».

Билигин кытылга тиксии үлэтин икки өттүттэн ыыталлар. 23-25 чыыһылаларга бастакы сырыыларын оҥоруохтара, оттон ыам ыйын 25-с күнүттэн күннээҕи режимнэригэр киирэн толору үлэлээн саҕалыахтара.

Дьокуускай куорат 8№-дээх парома дьону таһыыга бэлэм. Роспотребнадзортан туох да кэһиллии суоҕун туһунан туоһу суруктарын ылан баран сайын устата үлэлиэхтэрэ.

Дмитрий Лавров 10 сыл хапытааннаан кэллэ. Билигин биир идэлээхтэрин, уолаттарын кытта көрсөн үөрүүтэ үгүс. Хапытаан бүтүн хараабыл иһинээҕи эйгэни олохтуур тутаах киһи. Билигин бары көмөлөөн паром үчүгэй, мааны көстүүлээх буоларыгар үлэлии сылдьаллар.

Дмитрий Лавров, 8-с паром хапытаана: «Эһэлэр курдук кыһыҥҥы утуйууттан уһугуннубут диэххэ сөп. Билигин бары ахтылҕаннаах үлэбитигэр тахсан үөрэн-көтөн сылдьабыт, үлэҕэ бэлэммит. Саҥа кэми өрө көтөҕүллүүлээх саҕалыыр үгэстээхпит».

Өлүөхүмэ, Хаҥалас улууһугар баар муус улахан харыылара Дьокуускай аннынан ааһалларыгар паром сырыытыгар туох да улахан мэһэйи үөскэппэтин туһугар күнү-дьылы кэтээн сылдьыахтара.