Ойуур баһаарын умуорууга 50 тахса көтөр аал быйыл үлэлиэ

63

Ойуур баһаардарын кэтиир лүөччүк идэтин баһылаабыт Вадим Никонов салайааччытын быһаарыытын болҕомтолоохтук истэр. 6 сыл устата Дьокуускайдааҕы "Авиалесоохранаҕа" бэриниилээхтик инструкторынан үлэлээн баран, билигин аны өссө эппиэтинэстээх үлэһит буолла. Балаҕан ыйыттан саҕалаан бу ыам ыйыгар диэри кинилэр 9 буолан Москваҕа ана үөрэҕи аастылар.

Вадим Никонов, "Авиалесоохрана" Дьокуускайдааҕы салаатын ойуур баһаарын кэтиир лүөччүгэ: “Уопсайа тоҕус буолан үөрэммиппит. Метеорология, салгын навигацията, ойуур харыстабыла. Уопсайа 32 биридимиэккэ үөрэннибит. Экзамен тутардыбыт. Иккитэ парашютунан ыстанныбыт”.

Быйылгы ойуур баһаардарыгар бэлэмнэнии көдьүүстээхтик ыытылынна. Баһаарынайдар да, лүөччүктэр да ахсааннара элбээтэ. Уопсайа 37 исписэлиис эбилиннэ. Байыастар номнуо үлэҕэ түһүннүлэр.

Николай Копырин, "Авиалесоохрана" Дьокуускайдааҕы салаатын ойуур баһаарын кэтиир аҕа лүөччүгэ: “Биһиги байыастарбыт Аммаҕа баһаарга үлэлээн кэлбиттэрэ. Өрт уотуттан тахсыбыт баһаары умуруорбуттара. Баһаартан сэрэхтээх кэммит ыам ыйын 6 күнүгэр арыллыбыта. Нам, Уус Алдан, Мэҥэ Хаҥалас уонна Дьокуускай эргин сирдэри көрөбүт”.

Десантниктар, лүөччүктэр үлэлэрэ быһаччы диспетчердэр бөлөхтөрүттэн тутулуктаах. Кинилэр түүннэри-күнүстэри болҕомтолоох көрүүлэриттэн тутатына уот тахсыбыт сирэ көстөн, баһаарынай-десантниктар онно көтөллөр.

Пётр Терентьев, "Авиалесоохрана" регионнааҕы диспетчер сулууспатын салайааччытын солбуйааччы: “32 камералаахпыт, биллэн турар, 32 нэһилиэги көрдөрөр. Манан нэһилинньэлээх пууннар тастарыгар буруо тахсарын, өрт ыыталларын көрөбүт. Онон барытын көрө олоробут”.

Билиҥҥи туругунан ойуур баһаардарын кэмэ саҕаланыаҕыттан түөрт уот турбута бэлиэтэнэр, мантан үһэ Амма улууһугар, биир Ленскэй оройуонугар. Уот үксэ өртөөһүнтэн таҕыста диэн экология министиэристибэтэ иһитиннэрэр.

Николай Никитин, СӨ экология министиэристибэтин ойуур харыстабылын, кэтэбилин департаменын салайааччыта: “Ойуур баһаардарын кытта охсуһууга өрөспүүбүлүкэҕэ 5700 кэриҥэ киһи уонна 1600 тахса тиэхиньикэ бэлэм турар. Оттон ойуур хаһаайыстыбатын үлэһиттэрэ 203 киһи уонна 290 тахса тиэхиньикэ бэлэм олоробут. Маны сэргэ 50 тахса көтөр аал умуруорууга уонна кэтээһиҥҥэ үлэлиэҕэ, дуогабардастыбыт”.

Баһаары сэрэтэр үлэлэр эмиэ тохтообокко бара тураллар. Уопсайа 1267 риэйдэбэй тэрээһин ыытыллан, 41 административнай боротокуол толоруллунна, 23 сэрэтии бэриллиннэ.